Page 40 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 40
Симэнэн-киэргэнэн
Дьиримнии-мичээрэ
Турбут эбит.
Ол анараа өттүгэр
Маннык бэйэлээх
Үрдүк үтүө мас
Үс ийэ силиһиттэн
Үс үрүҥ илгэнэн
Өрө үллэҥнээн кэбиспитэ —
Үс көҥүс үрэх оҥорон,
Хайа сүүрэн түспүтүттэн
Үс үрүмэрбэт
Үүт көлүйэтэ
Мантан үөскээбит эбит.
Тылбытын байытабыт
Былас — киһи илиитин туора ууннаҕына, биир илиитин уһугут-
тан нөҥүө илиитин уһугар диэри уста кээмэйэ.
Үскэл — улахан уҥуохтаах уонна онуоха эбии этиргэн, суон.
Сириэдий — силистэнэн-мутуктанан олохтоохтук үүн, үөскээ,
туругур.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
Аал Луук Мас «Мутуга муораҕа, силиһэ Лаамыга тиий-
бит», «Үс ийэ силиһэ үс үрүҥ илгэнэн үллэҥниир» этиилэр
туһунан туох дии санаатыгыт?
Бухатыыр ата
Үрдүк үтүө киһи барахсан
Түөт атахтаах,
Дөлбүргэлээх түүлээх,
Түргэн айыы оҕото
Дьүөгэнтэйэ —
Миинэр миҥэтэ,
40