Page 38 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 38
Киэҥ Сулар ньууругар,
Ойбонноох оройугар,
Аҕыс салаалаах
Аал Луук мас диэн
Аан дойду киинэ,
Тоһоҕото буолбут
Үрдүк үтүө мас
Үүнэн-үөскээн
Турбут эбит.
Маннык
Үрдүк үтүө маһы
Дьүдүм бараан дьүһүннээн,
Бырыта-харыта быластаан,
Чинчи-сэбэрэ бэрийэн,
Эргим-ургум хааман,
Үтүө үскэл бараанын
Өйдөөн-дьүүллээн,
Супту көрөн
Субуллан турдахха,
Субу курдук
Үрдүк үтүө мас
Үүнэн-үөскээн,
Өрөйөн-чөрөйөн
Турбут эбит:
Уһуга-төбөтө көстүбэт
Улуу курбуу уһуннаах,
Күн диэки көрдөххө —
Күнү бүөлүүр,
Ый диэки көрдөххө —
Ыйы хаххалыыр;
Төгөрүмтэтэ
Түөрт уон түөрт быластаах,
Томороон силистээх,
Толуу мутуктаах,
Тулларыттыгас хатырыктаах,
Баай мааны ыал
Кыыһын баттаҕын
Таҥнары тараан
38