Page 45 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 45

Алын өттүгэр олохтоох
Дойду баайа
Номоҕон Баай эһэлээх,
Сир баайа
Ньиргийэ Баай эбэлээх,
Анды Мөгүрүөн
Оҕоньньор аҕалаах,
Кус Мөҕүрүөн
Эмээхсин ийэлээх,
Аҕыс былас суһуохтаах
Айталыын Куо балыстаах,

       Тоҕус дуолан бухатыырга
Туттаран туран
Дьулаҕайын булларбатах
Тойон Чуучустаан бухатыыр
Тиийэн кэлэн турабын.
Туһулаан турар соругуҥ,
Чааһынай бөҕө наадаҥ,
Тугуй эбит диэн
Туоһулаан ыйытар буолларгын:

       Арҕаа халлаан
Анныгар айыллыбыт
Адьарай атамаана,
Көстүбэт күүстээҕэ
Адаҕалаах Ат Буурай
Ааттаах бухатыыр
Охсуһан охторон,
Кыргыһан кыайан,
Эккирэппитэ
Үс төгүрүк сыла бүгүн туолар.

       Көхсүттэн тэһииннээх,
Көрбүөччү харахтаах,
Көмүскэстээх санаалаах
Күн айыы сиэнэ буоллаҕыҥ —

       Кыараҕаскар кыбыт,
Киэҥҥэр киллэр,
Сап саҕа санньылҕалаах
Хара тыыммын харыһый,

                                45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50