Page 50 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 50

Сир баайа
               Ньиргийэ Баай хотун
               Эмээхсин эбэлээх,
               Анды Мөгүрүөн
               Оҕонньор аҕалаах,
               Кус Мөгүрүөн
               Эмээхсин ийэлээх,
               Аҕыс былас суһуохтаах
               Айталыын Куо балыстаах
               Тоҕус дуолан бухатыырга
               Туттаран туран
               Дьулаҕайын булларбатах
               Тойон Чуучастаан бухатыыр
               Балтын ойох биэриэх буолан
               Үгүһү өлөттөрдө,
               Элбэҕи мэлиттэрдэ,
               Уһалааҕы умсаттарда,
               Түөстээҕи түҥнэттэрдэ.
               Ол гынан баран
               Куоппута үс төгүрүк сыла бүгүн буолар,
               Ону эккирэтэн ирдээн аҕалан
               Суолун эн тулаһаҕар тохтоттум,
               Ыыргар киллэрдим.

                       Олус албын —
               Ааһар былыт албастаах,
               Куотар былыт кубулҕаттаах,
               Дьиикэй былыт дьибилгэттээх киһи, сэгэриэм
               Онон таҕааран кулу,
               Биэрдэргин да ылыаҕым,
               Биэрбэтэргин даҕаны ылыам,
               Суол киһитин тутума,
               Айан киһитин аралдьытыма,
               Сибилигин таҕааран кулу —
               Сохсойор саалыгар чохчоҥнуохпун,
               Ханайар хаһатыгар халаахтыахпын, дугаар, да! —
               Диэн баран,
               Адьарай атамаана,
               Көстүбэт күүстээҕэ
               Туора салбана турда.

50
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55