Page 52 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 52

Тойон Чуучустаан бухатыыр
                         Балтын ойох биэриэх буолан,
                         Адьарай атамаана
                         Адаҕалаах Ат Буурай
                         Сиирэ чугаһаабытын кэннэ
                         Кэлэн быыһатан баран,
                         Үрүҥ тыынын өрүһүттэрэн,
                         Хара тыынын хараһыйтаран баран,
                         Бэйэтэ буоллаҕына
                         Ырбыт бэйэтэ
                         Уойан баран,
                         Сылайбыт бэйэтэ
                         Сынньанан баран,
                         Ыт иилэн ылбатынан ыһааран,
                         Кус иилэн ылбатынан хомуран,
                         Сирэйим онкучаҕа
                         Туолуон тухары
                         Симэһиннээх ириҥэнэн
                         Силлиргэччи силлээн,
                         Халлырҕаччы хаахтаан баран
                         Куотан хаалла!
                         Дьэ, күн эдьиийикэм,
                         Хайдах гынабын?
                         Ыҥыыр сыттык ыарыылаах,
                         Сон сабыы туоххай,
                         Сөрүө тэлгэх сөрүүн буолууһу,
                         Онон эккирэтэн ситэр
                         Санаа киирдэ;
                         Хантан хааннаах,
                         Туохтан тууралаах,
                         Кимтэн кииннээх
                         Этим диэмий?
                         Хантан айыллыбыппын,
                         Туохтан үөскээбиппин
                         Ыйан кулуҥ.

52
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57