Page 55 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 55
Хараҕын курдук
Унаарыччы көрөн туран
Маннык диэн
Тыл этэ,
Саҥа-саҥара турда:
— Дьээ, оҕолоохой сэгэрикэм,
Дьоллоох суолу тобулан,
Айыылаах, айхаллаах аартыгы арыйан
Соргу дьайаан улааттын,
Дьол бөҕө үрдээтин,
Саалаахтан самныма,
Охтоохтон охтума,
Уон тарбахтаах уумматын,
Биэс тарбахтаах бэрийбэтин,
Татаар тыллаах
Таба эппэтин,
Уу харахтаах
Утары көрбөтүн,
Урууй-айхал буоллун!
Кини киһи
Үөрэн-көтөн
Дьиэтигэр сүүрэн кэллэ.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
Сылгы Дыырай Аал Луук Мас иччитэ Аан Алахчаан Куот-
тан хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин тоҕо билэ сатыыр
дии санаатыгыт?
Дыырай Бэргэн уонна уола Араат Мохсоҕол
…Биирдэ Дыырай Бэргэн бултуу сылдьан кутаҕа түһэр. Ону
абааһы кыыһа Ытык Солуонньай өлүү ситимэх быатынан баайан
хаайыытыгар түһэрэр.
Ол туһунан Айталыын Куоҕа кэтэһэригэр кэлтэйбитин, көһүтэ-
ригэр көһүйбүтүн кэннэ арай биирдэ билбэт айыы бухатыыра кэ-
55