Page 59 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 59
Мин диэтэх киһи
Этэр тылбын
Өйдөөн истэн
Туруй эрэ,
Мин буоллаҕына
Үс дойдуну эргийэ,
Сири-дойдуну
Түөт муннуктуу,
Үс дойду
Үгүс-элбэх
Үөрэҕэр үөрэнэ
Барар күнүм буолла,
Одун биис оҥоһуутунан,
Дьылҕа хаан ыйааҕынан,
Үөһээ дойду
Үс бииһин ууһун
Үллэр тутааҕа буоларга,
Хабырыттар Хатан халлаан
Буойуна буоларга
Туоска суруллубутум,
Биэдэмэскэ этиллибитим,
Онон онно барабын,
Быдан сылларынан
Бырастыы буоллун! —
Диэн баран,
Үс төгүллээн
Сүгүрүс гыннаҕа үһү.
Тылбытын байытабыт
Олоҥхоттон олук тыллары булан быһаарыҥ, «Олоҥхо уран
тыла» ойуулаах тылдьыты туһаныҥ.
59