Page 57 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 57
Ол гынан баран,
Үс кырыылаах,
Үрдүк көмүс бэргэһэтин
Сэгэччи анньан кэбистэ,
Үс төгүллээн төхтүрүйэн
Сүгүрүс гынна.
Ол кэннэ
Ити курдук диэн
Тыл этэн,
Бу курдук диэн
Саҥа саҥара
Турбут эбит.
Оҕо ырыата:
— Көөр буо, дьэ буо!
Аҕыс быластаах
Аалай солко суһуохтаах
Айталыын Куо,
Күн күбэй
Хотун ийэкээм,
Тус бэйэҕэр,
Дьоллоох ытыскар
Дорообото тута туруй!
Мин Сылгы сүөһү оҕото
Дыырай Бэргэн диэн аҕалаах,
Аҕыс былас суһуохтаах
Айталыын Куо диэн ийэлээх
Буолуохтаах этим.
Адьарай сиригэр,
Абааһы уолугар
Аан Арбай ойууҥҥа
Кини сымара таас
Уораҕайыгар төрөөбүтүм,
Ону
Аан Арбай ойуун
Буһаран сиэри гыммытын,
Сэттэ ойуун
Кэтэҕин уҥуоҕун
57