Page 51 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 51

Икки сүрдээх сүүнэ бухатыырдар сыаптаах ыт курдук ырдьы-
гынаһан, сырҕан эһэ курдук часкыһан, уһун турба батастарынан
хардарыта анньыстылар даа, охсуһан киирэн бардылар. Кии-
рэн күн киирбэт буолбут, тахсар ый тахсыбат буолбут. Дыырай
Бэргэн кыайан-хотон барбыт.

     Тойон Чуучустаантан Дыырай Бэргэн кэргэн кэпсэтэ хаһан
баралларын сураспытыгар, киһилии олоппотуҥ, ситэри сын-
ньаппатыҥ диэн баран күрээн хаалар. Итиэннэ Айталы Куону
Дыырай Бэргэҥҥэ биэрбэппит диэн ийэлээх аҕатыгар этэр.

Дыырай Бэргэн Аал Дууп мастан
        сүбэ-соргу көрдөөһүнэ

           Дыырай Бэргэн ырыата:

                — Дьиэ-буо, буо!
         Көөр эрэ,
         Аҕыс сабаҕалаах
         Аал Дууп мас иччитэ
         Аан Алахчаан Куо
         Күн эдьиийим,
         Этэр тылбын истэн,
         Айаҕым тыаһын араҥаччылаан,
         Тииһим тыаһын чинчилээн,
         Уоһум тыаһын уурастаан,
         Көрүүй даа! Көр, бу баара
         Соҕоруу суруктаах
         Сур дьаҕыл маҕан халлаан
         Анныгар олохтоох
         Дойду баайа
         Номоҕон Баай эһэлээх,
         Сир баайа
         Ньиргийэ Баай эбэлээх,
         Анды Мөҕүрүөн оҕонньор аҕалаах,
         Кус Мөгүрүөн эмээхсин ийэлээх,
         Тоҕус дуолан бухатыырга
         Туттарбытынан туран
         Дьулаҕайын булларбатах

                                          51
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56