Page 25 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 25
ран, Чоочо, тайаҕын өрө туппутунан тура эккирээн, уол диэки
түргэнник хааман бадьаалаабыт. Уол хап-сабар уҥа ороҥҥо
сытар үтүлүктээх бэргэһэтин ыстанан тиийэн харбаан ылан
таһырдьа ыстаммыт. Ол ыккардыгар, Чоочо кэлэн тайаҕынан
кууһуннарбытын нэһииччэ аһара көтөн, тахсан иһэн: «Оккун уот
сиэтин!» — диэбит.
Чоочо, бадьаалаан кэлэн, кэтэҕэриин оронугар аҕылыы оло-
рон:
— Көр, бу Быттааны уола хара ыт сиртэн көстүбэккэ сыл-
дьан эрэ тыл утарсар, адьас ыт буолуох ыт, баранаах буолуох
баранаах эбээт. Бэйэ, мосуоратын көннөрөн, кэһэттэххэ сата-
ныыһы, — диэбит.
Манчаары, оҕуһун миинэн хохунатан дьиэтигэр кэлэн, ийэ-
тигэр барытын: хайдах сылдьыбытын, тугу кэпсэппитин, Чоочо
тайаҕынан сыыһа-халты охсубутун — кэпсээбит. Ону истэн ба-
ран, ийэтэ ытаабыт уонна абатыйан саҥарбыт:
— Биһиги аймаҕа ааттаах буоллахпыт. Онон өлөр-хаалар
күммүтүгэр өрүһүйүө-абырыа диэн саныырым. Эрим Быттааны
Сүөдэр өлбүтэ биэс сыл буолла, ол тухары тугу да көрдөһөн
25