Page 23 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 23

барытын кэпсээбит. Ийэтэ, истэн баран, бэккэ хомойбут. Киһи
киһини эрэнэрэ сыыһа эбит буоллаҕа. Баһылай оҕонньор, биир
куһуок тары биэрдэҕинэ, онон оҥойон-чоҥойон барыа суох этэ
дии санаабыт.

     Онтон, сотору буолаат, Чоочо Баһылай дьоҥҥо иэс эһиил оту
отунан бырыһыаннаан төлүүргэ, биитэр сүөһүнү иитэн төлүүргэ
от түҥэтэр үһү диэни истибиттэр. Ону истэн баран, Манчаа-
ры ийэтэ эмиэ санаа булбут: үнүрүүн тары босхо бэссиинэн
көрдөөммүт, биэрбэтэҕэ буолуо. Оттон оту иэс бырыһыаннаан
төлүүргэ көрдөөтөххө, дьоҥҥо биэрэр сиэринэн, бука, биэриэх
этэ дии санаан, эмиэ оҕотун соруйбут:

     — Тукаам, Баһылаай! Оҕустаах сыарҕалаах бараҥҥын аба-
ҕаҕыттан, Баһылай оҕонньортон, иэс эһиил бырыһыаннаан тө-
лүүргэ биир сыарҕа отто көрдөөн, тиэйэн кэл эрэ, — диэбит.

     — Абаҕаҕыттан буола-буола, син биир биэриэ суоҕа, эмиэ
үнүргү курдук мөҕөн таһаарыа, барбаппын. Ол кэриэтин атын
дьоҥҥо биир ынахпытын атыылыырга сөп, биитэр атын дьон-
тон иэс көрдөһүөххэ сөп буолуо этэ, — диэбит Манчаары оҕо.

     — Тыый, тукаам, ол баччаҕа дылы иитэн сордонон баран, биир
ынахпытын атыылаан кэбиһэрбит сүрэ бэт буоллаҕа дии, уонна
атын ким да иэс от биэрэр оттоох киһи суох. Оту барытын Баһы-
лай оҕонньор бас билэр буолбат дуо? Чэ, кэбис бар, — диэбит.

     — Аан дойду отун кини соҕотоҕун бас билэр буолбута дьэ
сүрэ бэт. Тыһыынчанан ахсааннаах сүөһүтэ бары уойан кыс-
тыыллар, ол үрдүгэр сир аайы кур отторо үрдүлэригэр мас
үүнэн, булгунньах саҕа буолан олороллор. Уонна билигин биир-
дии сыарҕа оту биирдии ынах айаҕар биэрэр, бу туох үлүгэр ал-
дьархайай, биитэр бүтүн алаас куортамыгар биэрэр. Маныаха
дьон барытыгар сөбүлэһэн иһэллэр. Уонна сороххо буоллаҕы-
на, бутугастарын көрдөөтөххө, мөҕөн, үөҕэн таһаарар. Эгэ от да
биэрэрэ биллибэт, — диэбит.

     — Кэбис, тукаам, бу тылы саҥарба, абаҕаҥ оҕонньор итини
иһиттэҕинэ, дьөссө ордук мөҕүөҕэ, аны киһи истэригэр итигирдик
этэҥҥин өлүү буолаарай. Чэ, хата, ыалтан оҕустаах сыарҕата улар-
сан баран, үчүгэйдик ааттаһан-көрдөһөн, отто ылан аҕал, — диэбит.

     Манчаары оҕо чугас ыалыттан сыарҕа уларсан, Чоочо оҕон-
ньордооххо баран, оҕуһун күрүөҕэ уган баран, дьиэҕэ киирэн
оттоку ороҥҥо олорбут. Чоочо оҕонньор бэйэтэ кэтэҕэриин

                                                                                                        23
   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28