Page 26 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 26

салгыппытым суоҕа. Быйыл бу, ыксааммын, эһиил төлүүргэ от
иэс көрдөппүппэр, син дьоҥҥо биэрэ олорон, үлэлээбэккит
диэн аккаастаан баран, үрдүк бэйэлээх ырҕа оҕокком сыыһын
сынньан таһаарар буоллаҕа. Киниэхэ, үрдүк бэйэлээххэ, туох
тиийиэ буоллаҕай, — диэбит.

     Ити итинэн хаалбыт буолан баран, Манчаары Баһылай Чоо-
чо бары дьону барытын араас суол сүүйүүлээх кэпсэтиинэн бо-
борун, кыайарын өйдөөбүт. Итинэн буоллаҕына атын улуустар,
нэһилиэктэр баайдара барылара даҕаны итинник хара норуот-
тарын, хараҥа батталлаах кэпсэтиилэринэн сүүйэн, сүүрдээн
байар эбит буоллахтара диэн санаабыт, ону дьоҥҥо да кис-
тээбэккэ кэпсээн оҥостубут.

               Манчаары саҥа буруйга түбэһиитэ

     Оччотооҕу кэмҥэ куоракка Аппа уҥуор харчыабына диэн
баара үһү. Тыа дьоно онно бэркэ сылдьаллара, аһыыллара.
Манчаары эмиэ ол дьиэҕэ куруук сылдьара. Арай биирдэ, саас
олунньу ый саҕана, Манчаары ол харчыабынаҕа киирэн олор-
доҕуна, тыаттан биир сыарҕаҕа олорбут икки дьахтар киирэн-
нэр, онно тохтообуттар. Биирдэрэ Илин Хаҥалас улууһа, Ходо-
ро — Буухап Өлөөһө балта Дьэбдьэкиэйэ Бурадьыаскайа диэн,
иккиһэ I Нөөрүктээйи — Дэгэпчи Мэхээлэ ойоҕо Өкүлүүнэ диэн
Манчаары ыала. Ити Бурадьыаскайа диэн дьахтар уон икки сол-
куобай тоҕус уон харчылаах маллааҕа үһү, онтукатын таһырдьа
сыарҕаҕа хаалларан киирбит. Икки дьахтар дьиэҕэ киирбиттэ-
рин кэннэ, Манчаары били Өкүлүүнэ диэн дьахтардыын урук-
куттан билсэрдии быһыынан оонньоспут. Ол гынан баран, дьах-
тар төбөтүттэн былааты саралыы тардан ылан баран, таһырдьа
ыстаммыт. Сыарҕаҕа сытар Бурадьыаскайа малын таарыйа
эмиэ харбаан ылбыт уонна олбуор аанынан таһырдьа сүүрбүт.
Икки былдьаппыт дьахталлар кинини батыспатахтар, баран куо-
рат полициятыгар үҥсүбүттэр. Куорат полицията Манчаарыны
булан, тутан ылан, хаайан кээспит. Дьыалатын суукка биэрбит-
тэр. Суукка Манчаары дьыалатын барытын түмэн көрбүттэр.
Нэһилиэгиттэн Чоочо Баһылай хас да төгүллээн киллэрбит до-
нуостарын, Манчаары оҕо эрдэҕиттэн тугу оҥорбутун икки-үс
төгүлүнэн омуннаан суруйбутун барытын кырдьыгынан аахпыт-

  26
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31