Page 70 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 70

ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

         Үстүүн Нохсоороп «Дыырай Бэргэн» уонна «Ат уола Ата-
    ламии букатыыр» долган олоҥхото тугунан маарыннаһалларын
    чинчийиҥ, тэҥнээҥ. «Саха уонна долган олоҥхото» диэн быра-
    йыакта оҥорорго холонуҥ.

          Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

     Долганнар диэн кимнээҕий? Бу норуот XVIII—XIX үйэлэр-
гэ Сибииргэ үгүс омук чугаһаспытыттан, сомоҕолоспутуттан
үөскээбитэ. Кинилэр Таймыырга Долгано-Ненецкэй уокурукка
олороллор. 1989 сыл түмүгүнэн 6945 долган баара бэлиэтэм-
митэ. Кинилэр сүрүн дьарыктара булт, табаны иитии уонна ба-
лыктааһын буолар. 2010 сыллааҕы биэрэпиһинэн Саха сиригэр
1906 долган олорор.

     Аан бастаан кинилэри көрсүбүт учуонайдар долганнары са-
халыы тыллаахтар дииллэрэ. Кинилэр тылларын анаан үөрэп-
пит Елизавета Ивановна Убрятова долган тыла — саха тылын
диалега, кэлин саха тылыгар олоҕурбут түүр тылын ураты
бөлөҕө буолар, ону тэҥэ бу тылга эбэҥки тылын сабыдыала
күүстээх диэн быһаарбыта. Долганнар 1973 сыллаахха сурук-
таммыттара, 1984 сыллаахха «Букварь» диэн үөрэхтэрин кини-
гэтэ бэчээттэммитэ.

     Долганнар тылынан уус-уран айымньыларын Саха сиригэр
төрөөбүт нуучча учуонайа А.А. Попов чинчийбитэ.

     Долган тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалынан ырыа-
лаах олоҥхо диэн ааттыыр эпостара буолар. Кинини толорооч-
чуну норуот олус ытыктыыра, үрдүк айыылартан анаммыт, олох
бары кыһалҕатыгар көмөлөһөр үтүө аналлаах киһи диэн ааттыы-
ра. Долган эпоһа хотугу сахалар олоҥхолоругар маарынныыр.
Онно долган төрүт олоҕор суох ат, ынах баар, онтон таба туһу-
нан ахтыллыбат. Айыы бухатыыра атынан айанныыр буоллаҕы-
на, абааһы бухатыыра тимир сыарҕалаах угус (оҕус) көлөлөөх.
Долган эпоһын дьоруойа улахан аптаах-алыптаах, орто дойду
эргийэр киинэ, дьон-сэргэ төрдө, көмүскээччитэ.

  70
   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75