Page 4 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 4

тиксиһиннэртиир, биир сорук, саҥа олох иһин охсуһар но-
руоттар тулхадыйбат доҕордоһууларын ымпыктаан-чымпыктаан
ойуулуур. Ол иһин кини айымньылара ааҕааччылары норуоттар
доҕордоһууларын тыыныгар иитэллэр.

                                                                                     Н.Н. Тобуруокап

Ааҕыы, ырытыы

                           Соһуччу үөрүү

                              (Сэһэнтэн быһа тардыы)

     Сэмэннээх дьиэлэрин иһигэр тыас-уус биллибэт: дьиэ кэр-
гэнин судьү санаа буулаабыт эбит. Уҥа түннүгүнэн күн уота
киирэн муостаҕа, кыһыл көмүс тэриэлкэ курдук, долгуннура,
дьиримнии сытара. Дьиэ ортотугар буор оһоххо аҕыйах соҕус
хардаҕас маһы оттубуттарын, мыыммыт курдук, аат харата сиэн
лаһырҕата турар. Кэтэҕэриин диэки истиэнэҕэ хадьыылатын
туппут, ырыысатын кэппит, оҕотун көтөхпүт көмүс, мас араа-
һынай таҥаралар кэккэлэһэн олороллоро. Кэтэҕэриин ороҥҥо
быыс иһигэр ыар ынчык, мөлтөөбүт сүөлэҥи куолаһынан сөтөл-
лөр саҥа иһиллэр. Бу айылаах үлүгэргэ Сэмэн эрэйдээх түбэһэ
сытар. Ойоҕо Балбаара эрэйдээх сынньалаҥын сүтэрбит, сүр-
гэтэ ыстаммыт киһи быһыытынан, эрин тула көтөн ыарыылыы,
мантан абыранаарай диэн сымнаҕас илиитинэн тута-хаба сыл-
дьар. Уҥа ороҥҥо хас даҕаны бэрт куһаҕан таҥастаах дьон
ыалдьыт киһи быһыытынан олороллор. Өкүүсэ дьиэ ортотугар
үрдүк олох маска өйөнөн, бу туох буолан эрэрин табан өйдөө-
бөтөх киһилии, соҥуйан турар.

     — Хайа, доҕоччуок! Итэҕэлэ суох быһыыланан бардыҥ бы-
һыылаах, тоҕо баҕас соһумарай… Биһиги хайдах олорорбутун,
тугу эмэ сүбэлиир күүс суох буолан бараары гынна дуу, ханнык
эрэ дуу? — диэн баран Балбаара саҥата бөлүөстэн, ытамньы-
йан, бөтөн-харан барда.

     — Тугу да кыайан этэр күүс суох, эргэ эрэ барыма, оҕоҕун…
Оҕоҕун… — диэн баран эмиэ түҥ-таҥ барда.

     — Ама биһиги буолпут иһин, сатаатар таҥара биир-икки

   4
   1   2   3   4   5   6   7   8   9