Page 7 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 7
оҕонньордоохтон биир мээрэй бурдугу көрдөһөн аҕалбытым.
Тоҕо баҕас куһаҕанай доҕоор, хас саҥара түстэҕиҥ аайы уору-
йахтаан түһэн, — диэтэ Балбаара.
— Итини сүгүн истиэҥ дуо, улуу-дьаалы, «дьиэлээх-уот-
таах» хотун. Уорарыҥ эмиэ сымыйа буолан өһүргэнэн өкчөйө
сытыйан олороҕун дуу?
— Ээ, оттон төһө да дьадаҥы буолан, биир ытыс бурдук
миэхэ наадалааҕын иһин, кургуом уоруйахтанар үчүгэй буол-
батах. Эйигин ити курдук хара суолунан күтүрүүр киһи баара
буоллар, эн үөрүөҥ этэ дуо?..
— Оттон тугу гына олороҕун? Уоруйахтаа ээ! Эн бэйэлээх
бу маннык сабытаабыт баайгын мин уорбут буоллахпына, —
диэн уһун устунан Хобороос саҥаран, мөҥөн-үөҕэн барда.
— Оттон төһө даҕаны дьадаҥыбынан сыҕайбытыҥ иһин, син
урут булан аһаан сылдьыбытым. Ол ити эрим умса түһэн хаа-
лан, дьиэлээх буолан баран, дьиэбин бас билбэккэ, баайдаах
буолан баран, баайбын бас билбэккэ, бу айылаах буолан олор-
доҕум дии, — диэтэ Балбаара.
— Бу сүптүр эмиэ баайын миэхэ баратан, онон сирэй-харах
сыҕайан кэллэ ээ. Түөкүн, уорбутуҥ сымыйа буолан өһүргэс-
тээх-таймалаах буолкун, куһаҕан ахан уот анньар баар, курбуу-
лаан биэрэн баран, куолуһут дьахтарга эмиэ түбэһэ сылдьыам
ээ, — диэтэ Хобороос, уот анньар маһы ылан, сибилигин баран
охсуох курдук дьүһүлэнэн туран.
Дэлиһиэй дьэбин сирэйин сирэйдэнэн, уодай хаанын хаан-
нанан, уот иннигэр соҕотохто көһөлүс гына ойон туран баран:
— Эмиэ тыл-өс көрдөөн сынньыллан баран, куолуһут дьах-
тар быраабаҕа баран, үҥсэн мин албан ааппын киртитээри
гыммыта буолуо. Төһө эмэ бу уон икки сыл тухары аһыннаран
аһаан-сиэн баран, аһаабыт иһиккэр хорум кулгуйа олор эрэ,
дэриэтинньик, — диэн Дэлиһиэй сүөлэҥэдийдэ.
— Истэн олороҕун дии, мин туох буруйдаахпыный? Ити
хотун бэйэтэ уоруйахтыы-уоруйахтыы сынньыах буола турар
буолбат дуо? Оттон эһиги даҕаны бэрт босхо уон икки сылы
мэлдьи ииппэтэх дьон буолуоххут ээ, бэйэм да син баайдаах
дьахтар… — диэн эрдэҕинэ, Дэлиһиэй долбуурга тэгэпчилэнэн
хата турар сыарҕа атаҕа хатыҥы сулбу тардан ылан ыстанан
тиийэн, көхсүгэ биэртэлээн кэбиһэрин кытта, Балбаара сары-
7