Page 8 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 8
лаабытынан сиргэ сууллан түһэн өр соҕус талбаара сытан ба-
ран, тыын киллэрэн ыҥырҕаан ытаан барда. Ону көрөн Өкүүсэ
хотоҥҥо киирэн ыгылла-ыгылла ытыы турда.
— Чэ эрэ, дэриэтинньик, тыына баҕалаан көр эрэ. Искин
дэлби үктээн кэбиһиэм ээ. Чэ эрэ, хорум ыҥырҕаа, — дии-дии,
үрдүгэр үктүөх курдук, дибдийэ турда.
Били Балбаара эрэйдээх, дьэ, тоһун ылбыт курдук куттанан,
тохтуон баҕара-баҕара кыатаммакка, ыҥыргыы-ыҥыргыы:
— Бэйи, өлөрүмэ, ытаабаппын, тохтоо! Бэйи-бэйи, — диэн,
көрдөһөр быһыынан илиитин өрө уунан сытта.
Дьэ уоскуйан, бары, мөҥө-мөҥө эттэрин хоторон аһаан,
сытан бардылар. Балбаара муннунан-уоһунан хаана барбыт,
нэһиилэ түөһүнэн сыылан туран, ороҥҥо тахсан сытан баран,
кистээн ытаан сыттыгын дэлби сытыта сытта. Өкүүсэ хотон
аанын тыаһаппакка аһан, сыылан тахсан, оронугар хахыр кур-
дук таҥаһыгар барыны бары өйдүү-саныы, бу билигин хайдах
олоххо баарын, кэнники хайдахха түбэһиэн быһа саныы сытта.
«Оо! Таҥара эрэйдээҕи аһыныам диэбитэ баар диэн этэр
буолаллара, онуоха дылы хайдах эмэ сөптөөхпүн булан эргэ
тахсан, ийэм эрэйдээҕи биир эмэ сыл сынньалаҥнык сытыа-
рыам баар буолуо дуо? Баттыгас тоҕо баҕас сүрэй, ону үҥсэн
көрдөххө, биир да тойон биһи кырдьыкпытын таһаарбакка,
бары Дэлиһиэй кинээс диэки буолар буоллахтара», — диэн
саныы сытта.
Кинилэр быйыл кыһын сыспытын иһин ийэтинээн иккиэн
быраабаҕа үҥсэ тахса сылдьыбыттара. Ол тахса сылдьан хай-
дах атаҕастыырын-баттыырын барытын биир суруксуту көрдө-
һөн суругунан киллэрбиттэрэ. Ону кулубалар: «Дэлиһиэй ки-
нээс эйигин бэркэ баттаабатах киһи буолуо», — диэн саба
саҥарбыттара. Ону биир били дьыалаларын оҥорон биэрбит
эдэр суруксут үп-үчүгэйдик кинилэр диэки көрөн кэбиһэ-кэ-
биһэ: «Эһиги баттанан бачча дойдуга кэлэ сылдьар дьону аан-
ньа ахтан дьыалаларын көрбөккүт», — диэн мөккүһэ сатаабы-
тын кулубалар саба саҥаран кээстэрэ. Арай кини орто дойдуга
кинилэри аһыммыт киһини, ол эрэ киһини көрбүтэ. Уонна ол
киһи ыҥыран дьиэтигэр илдьэн, дьиэлэнэн олорор ыалыгар
чэйдэппитэ. Уонна ол дьыалаларын оҥороругар туспа хоско
илдьэ олорон, туран кинини сыллаан ылбыта. Ону кини муо-
8