Page 10 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 10
дьүһүнэ куһаҕана туох буолуой, сэниэ оҕонньорго баран бэйэтэ
хотун буолуо буоллаҕа, — диэн Хобороос хайҕаан барда.
Кэтэҕэриин ороҥҥо олорор Мааса кыыс, Өкүүсэ диэки кө-
рөн баран, күлэн мичээрдээн кэбистэ.
Өкүүсэ туран хотон иһигэр киирэн, ол айылаах киһиэхэ биэ-
рэн эрдэҕэ диэн, аан дойдуга дьэ дьоло суоҕун чахчытын би-
линэн, ис-иһиттэн алларыйан уйадыйан ытыы олордо.
Балбаара: «Оҕом бу курдук эрэйдээх, хара батталга сыл-
дьыан кэриэтин, бу эрэ модьоҕоттон мин тыыннаахпар таҕыс-
тын», — дии санаан, сөбүлээбит курдук тыл-өс буолан барда.
Аан аһыллан баран балай эрэ тэлэллэн турда. Ону көрө
түспүттэрэ, айаҕын иһигэр тииһэ бараммыт, икки хараҕа ньыл-
бараҥнаан быһыта сиэһэн сиикэй этинэн көрбүт, атаҕын ньаат
атаҕын курдук тиэрэ кыпчыччы үктэммит, иннэ ынтаҕар, кэннэ
чохчоҕор, сахалыы сукуна сону хору-хоточчу ынах уорҕата дьи-
рим курунан курдаммыт, сылгы тыһа үтүлүгүн уоһунан таһаар-
таабыт, улуу киһи оҕонньор кэлэн ааны аһан баран өйдөөн,
бэргэһэтин устаары, хоххо буолбут тииҥ тулалаах чомпо бэр-
гэһэтин быатын ыйылыннары тардан кээстин сатаан сүөрүмүнэ
ыксаан, бэргэһэтин быатын быһыта тыыталаан кэбиһэн баран,
дьиэҕэ тиэрэс гына түһэн, таҥараҕа үҥэн, сатаан кириэстэм-
мэккэ ханньары ууран сапсыырдаата уонна дорооболоһон дай-
баҥнаата.
Маны көрөн баран Өкүүсэ: «Оо! Дьэ, үлүгэрим эбит, бу
дьүһүннээх киһиэхэ барыах сорум буоллаҕа, былырыын Кууһу-
ма оҕонньор оҕотугар Сүөдэргэ көрдөөбүтүн биэрбэтэҕэ. Дьэ,
үчүгэй да хара санаалаах баҕайы доҕор, соруйан бу киһиэхэ
түбэһиннэрээри. Хайдах гыныахпыный, барбаппын да диэн
көҥүлүм суох. Ити хара санаа дьэ өлөрүө буоллаҕа. Бу кэ-
риэтин тахсан ыйанан өлүмүнэ», — диэн санаталаан баран
ийэтэ эрэйдээҕи аһына санаата, ол кэннэ туран сыылан хо-
тоҥҥо киирдэ. Дьэ, ол киирэн иһэн көрдөҕүнэ Дэлиһиэй үөрэн-
көтөн күллэрэстээн иһэн, күтүөтүн кулгааҕар тиийэн хаһыытаан
кэпсэтэн, дьиэ иһэ күргүөм бөҕө буолан эрэр.
Ийэтэ киирдэ уонна кэлэн Өкүүсэни кууһан кэккэлэһэ оло-
рон, хараҕын уута субурус гына түһэн баран:
— Тукаам! Бачча дьахтар тугу да өйдөөбөккүн ээ, бу айылаах
хара батталга сылдьан, эр сириксэннээх буолаары гынаҕын
10