Page 5 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 5
тылы этэр көҥүлү биэрбэт буоллаҕа, — диэн баран Балбаара
ытаан барда. Ону Сэмэн симэ сытар хараҕын көрөн кэлэн ба-
ран, ойоҕо ытыы турарын аһыммыт киһи быһыытынан, хараа-
ра хатан хаалбыт уоһун ыттаччы туттан ытамньыйыах курдук
буолан көөртө: хараҕын уута кыайан кэлбэт буолан хаалбыт.
Онтон айаҕалыы сатаан, былаат курдук, куҥ буолбут илиитинэн
уунан, Балбаараны бүк тардан ылан хараҕын уутун илиитинэн
соппута буолан көрдө. Ол кэннэ:
— Көмүһүөм! Таҥара илиитигэр хааллыгыт, эһиги соргуту-
гар умса түһэн эрэбин. Бар дьоҥҥо өһө суох этим, аһыныах-
тара… — диэн иһэн эмиэ түҥ-таҥ тыллаһан барда.
— Тээтэ дьэ кэллэ, — диэн эгди буолбут курдук мустубут
дьон саҥардылар. Аҕабыыт сыттык курдук тэрэпиискэ суулаах
тэриэбэтин остуолга ылан сүөрэн, эҥин араас килэбэчиспит
кинигэлэри ууран, ботугуруу-ботугуруу уураан ыла-ыла ырыы-
сатын кэтэн, биир кыра лоскуй кинигэни хаҥас илиитигэр ту-
тан туран, сиэбиттэн уһун баҕайы хара муос кырыбыайка та-
рааҕы ылан өр баҕайы маҥхайан эрэр баттаҕын тараанан хок-
кулла турбахтаан баран, кэһиэхтээх күөмэйинэн ыллаан дьа-
рылаан барда. Били алталаах Өкүүсэ кыыс аҕата ыалдьарын
син билэн, бэркэ ытыыр, курутуйар этэ, ол билигин аҕабыыт
ырыысатын, кини араас килэбэчиспит кинигэлэрин, кириэһин,
ыллыырын көрөн-истэн, бэркэ муодарҕаан, ону кыҥастаһа
турда. Уонна дьон диэки көрөн, ол дьон туох да саҥата-иҥэ-
тэ суох кириэстэнэ туралларыгар көҕүйэн, эмиэ тиэрэ-маары
ууран кириэстэммитэ буола турда.
***
Ити уон икки сыл ааспытын кэннэ били Сэмэн дьиэтин-
уотун, дойдутун-сирин барытын Дэлиһиэй сабардаан кээспит.
Сэмэн бокуонньук хара тыаны солоон оҥорбут өтөҕөр, сир-
сир аайы тыа быыстарыгар, сылбах дал бөҕө элбээбит. Урукку
Сэмэн оҥорбут остуолбалара үөдэн-таһаа буолтар. Сэмэн ам-
паарыгар эбии хотон бөҕө салҕаммыт.
Күн киэһэрэн арҕаа тыа баһыгар түспүт сардаҥата, көмүс
мөһүүрэни тиирэ тарпыт курдук, тыа баһынан сандааран турар
этэ. Дьиэ иһигэр киирэн көрдөххө: били Сэмэннээх бэйэлэрэ
ып-ыраастык туттан олороллоро хайыы үйэҕэ сураҕа да иһил-
5