Page 9 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 9
даргыыр этэ: «Бу тоҕо миигин сыллаабыта буолуой?» — диэн.
Уонна: «Мин даҕаны син үтүө киһи таба сөбүлүү көрөр киһитэ
эбиппин», — диэн санаата эмиэ чэпчиир этэ. Онтон ыла ол
киһини түһээн көрөр буолбута. Бу киһи аатын кини истибитэ
да, билигин умнан кээспит. Мантан эмиэ санааргыыр, бэйэ-
тин өйө суоҕунан ааҕынар. Кини онно тахсарыгар, Хоруодьа
оҕонньор саҥа сүктэн кэлбит кийиитин таҥаһын уларсан, син
ыраас таҥастаах этэ. Онон даҕаны сөбүлүү көөртө буолуо
дии саныыр. Ол киһи билигин бу айылаах буола сылдьарбын
көрдөҕүнэ аттыбар чугаһыа суоҕа этэ дии саныыр.
***
Дэлиһиэй кинээстээх урукку дьиэлэригэр уруккуларын кур-
дук тигинээн олороллор. Дьиэ иһэ им-ньим. Арай уот тыаһа
өр буола-буола лас гына түһэр. Балбаара хаҥас оһох чанчыгар
ньилбэгэр хаптаһыҥҥа табах уҥуоҕа кырбана-кырбана, көхсүн
иһиттэн чиҥ-чиҥник сөтөллөн кэбиһэ олорор. Билигин аҕай
ырбаахынан тахсан саах балбаахтаан баран, Өкүүсэ киирэн хо-
лумтан тумсугар хаҥас диэки боччук күөстэн үөрэ иһэ олорор.
Мааса, киэргэнэн-киэргэнэн баран, ороҥҥо иистэммитэ
буола олорор. Дэлиһиэй оҕонньор уот иннигэр аргынньахтыы
олорон, үөһө тэстэн дьэ киһилии, бэҕэһээ Алачай нэһилиэгэр
бара сылдьыбытын кэпсээн күһүгүрээн барда. Ол кэпсээн иһэн:
— Бу дьахталлар ити миэхэ төһө эмэ аһыылларын, туһа-
налларын иһин көмөлөһөллөрүн туох эрэ кэриэтэ ыараханнык
саныыллар, кэбис, чэ, кинилэрэ да суох ыал буолаа инибит,
онон ити Өкүүсэни эргэ биэриэх буолан кэллим, — диэтэ.
Балбаара ону истэн, үөрбүт-көппүт курдук, өргөйө түстэ.
— Ол эмиэ киммит аҕай кэлиэх буолла? — диэн Хобороос,
кыыһырбыт курдук, ыйытта.
— Оттон били Түҥкүнэ Байбал оҕонньору аҕалыах буолтум.
Бүгүн кэлиэх буолта да, күн бачча буолуор дылы тоҕо кэлбэт
хара балай буолла? Күтүр, муна сылдьара буолуо ээ, — диэтэ.
Ону истэн Өкүүсэ сык гына түстэ. Эт-этэ барыта, тымныы уунан
саба ыспыт курдук, буолла. Ол оҕонньору урут көрбөт этэ да,
бу бэйэтин тылыттан сэрэйдэ.
— Ээ, сөп буоллаҕа дии, ол кини кырдьаҕаһа туох буолуой,
9