Page 6 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 6

либэт буолбут. Бөх-сыыс, күөдэл көппөх бөҕө буолбут. Дьиэ
иһэ тобус-толору дьон. Урукку буор оһох дьиэ ортотугар, алаһа
дьиэ сүрэҕэ мин баарбын диэххэ айылаах, умайа турар. Дэ-
лиһиэй кинээс уруккутунааҕар эрэ арыый кырдьыбыт уонна
эбии уойбут-топпут. Кэтэҕэриин бэриинэлээх ороҥҥо иттэни
түһэн сытар. Кини ойоҕо холуон Хобороос хаҥас оһох хабаҕа-
лын кытта тэҥ алтан солуурга буһа турар сыалаах эти көрө-ис-
тэ, күөстүү сылдьар. Кэтэҕэриин диэки истиэнэ туолар көмүс
таҥара мөссүөннэрэ көстөллөр.

     Балбаара эрэйдээх көтөхтөрбүтэ, дьүдьэйбитэ сүр баҕайы,
кырдьан да буорайбыт. Хара даба ырбаахытын хайдыбытынан
бүтүн ойоҕоһо ыраҥныы-ыраҥныы, үрүөх үрэн өкчөҥнүү оло-
рон: «Оо! Амсайбыт киһи даа!» — диэххэ айылаах буһа турар
күөс диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, силин быһа ыйыстан кэбиһэр.
Өкүүсэ кыыс бэрт искэн, доруобай, толуу дьахтар буола улаап-
пыт эбит да, таҥас-сап диэн күттүөнэ суох, илдьи түһэн хаал-
быт. Хотон иһинэн, дьиэ иһинэн үлэлээн лиһигирии сылдьар.
Дэлиһиэй кинээс соҕотох кыыһа, 17-лээх Мааса эргэ бара илик
кыыс солкоҕо сууланан, хаарыска хааланан, үтүгэмсийэ-үтү-
гэмсийэ, уйан быһах курдук өҕүллэҥнээн, аҕатыгар тиийэн бүк
түһэн, оннооҕу-маннааҕы хамначчыт уолаттары анньан-охсон,
хаадьылаһа сылдьар.

     Били буһа турар күөс аттыгар буор боччуукка хааһы буһан
хар-хар тэбиэлии турар. Хобороос эти тиийэн булуу сылдьан,
били күөһү көрөн баран:

     — Бу туох ааттааҕы илдьиритэн сыт-сымар бөҕөнү таһаар-
дахтарай, аата үөһэ да тарпаттар, ыыстыйан хаалбыт, — диэн
халааннаах куолаһынан хабырытынна.

     — Ити мин хааһы өрбүтүм, оттон буһа түстүн, тугу мэһэй-
диир, — диэтэ Балбаара, күөс диэки хайыһан көрөн кэбиһэн
баран.

     — Буспатах үһү дуо, буһарын ааһан ыыстыйбыт; бээһээ
эмиэ: «Бурдугум быһынна», — дии-дии татынньахтаабытыҥ,
бүгүн ол икки ардыгар хантан бурдуктанныҥ? Били, сайын
сиэниллиэ диэн таттарбыт бурдугу дьөлө куорҕаллаан бүтэрэн
эрэҕит ээ, быһыыта. Оо, идимэрдээх оҕолор! — диэн баран,
Хобороос Балбаара диэки кэлэйбит курдук көрөн кэбистэ.

     — Эчи суох доҕоор, эн бурдугуҥ буолбатах, бүгүн Хоруодьа

   6
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11