Page 63 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 63

сын сарсыарда эрдэ үһүөн Дьахтар Алааһыттан тиргэлэрин эһэн,
атын сиргэ, Тимир Умаппыт диэки илдьэн, иитиэх буолбуттара.

     Дьахтар Алааһыгар кус аанньа түспэт, түстэҕинэ да, киһи
утуйбутун кэннэ түүн түһэр. Түүн аһыырыттан ордон, хата ман-
ньалаатар да, эн тиргэҥ диэки устубат ээ. Күнүс буоллаҕы-
на, эчи, түһүөх да кустары түһэрбэттэр, киһитэ-сүөһүтэ элбэҕэ
бэрт. Сатахха, кыһытыан иннигэр, ыалларын Хаабырдаах ыт-
тара Мохсоҕол обургу биирдэ кустар түһэн, саҥардыы тиргэ-
лэрин диэки устан чугаһаан эрдэхтэринэ, өрө харбаан киирэн,
киһи абарыах, көтүтэн кэбиспитэ. «Ону иччитэ Хаабырга эттэх-
хэ кыһаммат, ытын сыаптаабат, хата күлэр буоллаҕа», — дэһэн,
улахан булчут дьон быһыытынан, күө-бааччы сэһэргэспиттэрэ.

     Хобороос сарсыарда ынаҕын ыан киирэрин кытта, оҕолор
уһуктан, тура эккирээн, бэрт тиэтэллик таҥнан, чэйдии охсон
баран, үһүөн тиргэлэрин көрө барбыттара.

     Уйбааҥка, дьиэтиттэн тахсаат, кустар бааллара буолаарай
дии санаан, ону көрө охсоору, дьиэ күрүөтэ үс мастаах тоһоҕо
бүтэйгэ ыттыбытынан барбыта.

     — Бүтэй үрдүгэр ыттыма, ыттыма! Баҕар, кустар баар
буоллахтарына, били Хаабырдаах Мохсоҕоллоругар дылы,
эмиэ көтүтэн кэбиһиэҥ, — диэбитэ, саҥардыы бүтэй алын
маһыттан иккис маһыгар үктэнэн эрэр Уйбааҥканы ырбаахы-
тын тэллэҕиттэн илгиэлии-илгиэлии, аҕаһа Ааныс.

     — Э-э, суох-суох, көтүтүөм суоҕа. Бэйи, Ааныс, тардыма,
тардыма! — диэбитэ Уйбааҥка.

     — Уйбааҥка киһи тылын истиэ дуо? Баҕар, кырдьык, кус-
тар баар буоллахтарына, сыгынаҕынан күлүктэнэн, аргыый са-
һан киирэн, тиргэбит диэки күрэтиэ этибит. Оттон кус иҥнибит
буоллаҕына, эрдэттэн көрбөккө эрэ, эмискэ киирэн ылар ордук
үчүгэй буолуо этэ, — диэн, Уйбааҥка диэки өс-саҕа буолан
кынчарыйа-кынчарыйа, Даайыс эмиэ буойбута.

     Уйбааҥка обургу сорунан баран тохтуох киһи буолбатах,
харса суох өрө хатаастан, бүтэй үрдүгэр ыттан, тоһоҕо төбөтүт-
тэн тутуһан туран, тиргэлээх тыымпытын диэки көрө түһээт:

     — Оҕолоор, тиргэбитигэр кус иҥнибит быһыылаах. Туох
эрэ мөхсөр, чэ бара охсуохха! — диэт, бүтэй үрдүттэн биирдэ
сиргэ ыстаммыта уонна Дьахтар Алааһын диэки туох да харса
суох сүүрэ турбута.

                                                                                                        63
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68