Page 190 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 190
л о б у р а, Амма Аччыгыйа «Атаҕастабыл» сэһэнигэр «Хабырыл-
ла барытын истэр, барытын билэр» диэн этиитигэр туһанар
тылларын судургу өйдөбүллэрэ уонна бу түгэҥҥэ этэр дириҥ
ис номохторо уратылар. Онон дьиҥ тыл искусствота буолбут
уус-уран айымньыга туһаныллар тыл-өс барыта ураты уус-уран
суолталаах буолар. Уус-уран айымньыга өссө олоҕурбут ураты
ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалар туһаныллаллар.
Ритм — хоһооҥҥо тэҥ кэрчиктэр хатыланыылара. Саха хо-
һоонугар ритм сүһүөх ахсаанынан кэмнэнэр.
Риторическай туһаайан этии — ураты болҕомтолоохтук,
долгутуулаахтык уус-уран уобараска, айылҕа көстүүлэригэр,
ийэ сиргэ туһаайан ааттааһын.
Риторическай ыйытыы — ураты болҕомтолоохтук, дол-
гутуулаахтык уус-уран уобараска, айылҕа көстүүлэригэр, ийэ
сиргэ туһаайан эппиэти эрэйбэт ыйытыы.
Силлабическай хоһоон — тэҥ сүһүөхтээх хоһоон.
Тыыннааҕымсытан көрдөрүү — уус-уран айымньыга айыл-
ҕа араас көстүүтүн киһилии майгылаан ойуулааһын, көрдөрүү.
Тэҥнэбил — атын көстүүгэ, бэлиэҕэ тэҥнээн уус-уран дьү-
һүнү ойуулааһын. Тэҥнэбил үксүгэр курдук, дылы диэн ситим
тылларынан холбонор. Холобура:
Орто курбуу дьаҕыл дойдум
Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ
Туоһахтатын курдук буолан
Туналыйан-туйааран көһүннэ.
Уус-уран бытархай (дэтээл) — уус-уран айымньыга омос
көрдөххө соччо суолтата суох курдук бытархай киллэһиктэр.
Холобура, А. И. Софронов «Куоратчыт» кэпсээнигэр — кулахы.
Ис дьиҥэр киирдэххэ, сүрүн дьоруойу киһи быһыытынан ары-
йыыга ити бытархай — кулахы — улахан суолталаах. Кулахы
Уһун Ыстапаан киһи быһыытынан туруга суоҕун ааҕааччыга
итэҕэтэр.
Хатылааһын — этэр санааны чиҥэтэр соруктаах тылы, тыл-
лар ситимнэрин хатылаан хос-хос туһаныы.
Эпитет — көстүүгэ, эттиккэ өҥ-дьүһүн, бэлиэ ураты дьүһүл-
гэнин ойуулуур тыл. Холобур, П. А. Ойуунускай поэзиятыгар
«кыһыл, хара» өҥнөр ураты суолтаҕа туттар эпитеттэринэн
биллэллэр. Норуот тылынан уус-уран айымньытыгар кубу-
луйбат эпитеттэр олоҕурбуттар, олор суругунан литератураҕа
эмиэ хото туһаныллаллар: үрүҥ күн, үрдүк мэҥэ халлаан.
190