Page 185 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 185
«өйү сырдаппыт», «ыллыгы ыйбыт», «айар санаатын күүһүн
көрдөрбүт» «аата ааттаныа» дуо?
2. «Өрөгөй төлөннөөх
Өйгүнэн өлүмэ!»
«Өйүнэн өлбөт буолуу» диэни хайдах өйдүүгүт, кэпсэтиһиҥ.
Икки атахтаах «эрэйэ-буруйа» хаһан өлүөй?
Көҥүл уонна өй ситимин өрөгөйө. «Киһи көҥүлэ — өр-
көн-төлөн өлбөт өйө» диэн хайдаҕый?
«Киһи көҥүлэ — олох туллар тутааҕа» диэн тугуй?
А. Е. Кулаковскай «Өй, Сүрэх икки мөккүөрүгэр» ойуулуур
өйүн П. А. Ойуунускай «өрөгөй төлөннөөх өйүн» кытта тэҥ-
нээн көрүҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. «Кыһыл Ойуун» олоҥхоҕо майгынныыр өрүттэрэ.
2. «Кыһыл Ойуун» олоҥхо-тойукка киирии ремарка суолтата.
3. Саха уус-уран айымньытыгар түүл миэстэтэ.
4. «Кыһыл Ойуун» сүрүн мөккүөрүн арыйарга уобарастарын
ситимин суолтата.
5. Кыһыл Ойуун диэн туох уус-уран дьүһүнүй?
Аах. Бил. Туһан
1. Данилов С. П. П. А. Ойуунускай аата // Хотугу сулус. —
1973. — 11 №.
2. Данилов Софр. П. П. А. Ойуунускай — саха норуотун улуу
уола. — Дьокуускай : Бичик, 1993.
3. Максимова П. В. П. А. Ойуунускай хоһоонунан айымньы-
ларыгар жанр көрүҥнэрин уратылара уонна ситимнэрэ //
Чолбон. — 1993. — 5 №.
4. Мординов Н. Е. Киһи уонна айымньы // Хотугу сулус. —
1973. — 11 №.
5. Спиридонов И. Г. П. А. Ойуунускай «Кыһыл Ойууна» // Хо-
тугу сулус. — 1973. — 11 №.
6. Уурастыырап К. Саха тылын улуу маастара // Хотугу су-
лус. — 1973. — 11 №.
7. Фёдоров Е. В. Сээркээн сэһэнньит // Хотугу сулус. — 1973. —
11 №.
8. Федосеев И. Е. Ойуунускай өлүүтэ уонна тиллиитэ. — Дьо-
куускай : Бичик, 1993.
185