Page 181 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 181
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!!!
Андаҕайабын ача күөҕүнэн,
Ахтар-таптыыр дьахтарым
Күндү-мичик дьүһүнүнэн,
Күлэр-көрөр хараҕынан, —
Хара кырыыс халбарыйыаҕа,
Хааннаах хабала алдьаныаҕа,
Икки атахтаах — улахан,
Икки атахтаах — таҥара…
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!!!
БҮТҮҮТЭ
Этиҥ этэр, чаҕылҕан чаҕылыйар, аан дойду саныыр санаата
К у т у р ҕ а н К у о көстөр. Санныгар эриэн кыылы таҥнары сүкпүт, уоттаах
чолбонноох алтан тайахтаах. К ы һ ы л О й у у н сиргэ тиийэ сүгүрүс гынар,
тобуктуур.
Кутурҕан Куо
(илиитин өрө ууна-ууна).
Эрэн-итэҕэй икки атахтаах
Эрэйэ-буруйа өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт өйүн,
Өйүнэн өлбөт бэйэтин.
Кыһыл Ойуун
Эрэнэбин-итэҕэйэбин икки атахтаах
Эрэйэ-буруйа өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт өйүн,
Өйүнэн өлбөт бэйэтин.
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!!!
Кутурҕан Куо
(үөһэ көрө-көрө).
Икки атахтаах тилиннэ!
Икки атахтаах тилиннэ!
Өлөрү өйүнэн кыайда,
Өлөртөн өлбөт буолла.
181