Page 176 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 176

Суһуоххун тарааный!
                              Орой-буурай обургу
                              Орто дойду дьоннорун
                              Сорун-муҥун оччоттун,
                              Соло-соргу тубустун.
                              Тырымныыр чыычаахпыт,
                              Тыкаарар далбарбыт!
                              Өрө түллэн долгуйан,
                              Өрө үллэн дьалкыйан,
                              Уйгу-быйаҥ улааттын,
                              Уруй-тускул соноотун.

                                           Бары

                              Уруй-айхал!
                              Уруй-айхал!

                                                     VII
Этиҥ этэр, үөлэс үүтүнэн күөх уот таҥнары күлүмнүүр. Дьиэ ортотугар Кыһыл
Ойуун дүҥүрэ дар гына олоро түһэр. А й ы ы К у о, часкыйбытынан, дүҥүргэ

                умса кэлэн түһэр. Б а р ы, соһуйаннар, олоро түһэллэр.

                                      Айыы Куо

                                           (көбүөхтүү-көбүөхтүү).

                              Өллүүм…
                              Өллүүм…
                              Оруос Баай

                                                     (тура-тура)

                              Кыайтардым дуу?!!
                              Кыайдым дуу?!

                                  Саһыл Ойуун

                                           (чарапчыланан көрөр).

                              Кыһыл Ойуун дүҥүрэ…
                              Кыһыл Ойуун дүҥүрэ…

                                                (умса көрө-көрө)

                              Кыайтардыбыт…
                              Кыайтардыбыт…
                              Үллэр өлгөм күүстээх
                              Үүнэр үйэ кыайда…

 176
   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180   181