Page 172 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 172
III
О р у о с Б а а й айгырас алтан тайаҕынан сири тоҥсуйбутугар, икки эдэр
сорук-боллур у о л л а а х к ы ы с, хаҥас хара дьиэттэн тахсаннар, сиргэ
тиийэ сүгүрүс гыналлар.
Оруос Баай
Ытык-мааны ыалдьыт дьоннорбун,
Ыччат оҕолорбун ыҥыра охсуҥ!!!
Ыһыаҕы тэрийиҥ, түһүлгэни түһэриҥ!
У о л л а а х к ы ы с, сүгүрүйэн баран, тахсан бараллар.
IV
Оруос Баай
Одун халлаан туйгун бэрдэ,
Орой-буурай Орулуос Дохсун,
Хотой буолан кубулунан сылдьарын
Хаһан даҕаны истибэт этим.
Моонньугар мойбордоох, кутуругар хоболоох
Мохсоҕол кыылым түспүтэ буоллар,
Төлкө турдаҕа, түөрэх олордоҕо,
Түһүлгэм түөнэтэ түстэҕэ диэн,
Эрэх-турах олоруом этэ…
V
Уон улуус бэртэрэ — бастыҥ баайдара, куба курдук ү т ү ө х о т у т т а р а,
кыталык курдук мааны кыргыттара, туруйа курдук т у й г у н у о л а т т а р а
киирэллэр.
Бары сиргэ тиийэ сүгүрүс гыналлар, уруйдууллар.
Бары
Уруй-айхал, улуу кырдьаҕас!!!
Уруй-айхал, аҕа баһылык!!!
Үҥэр-сүктэр үксээтин!
Үөрүү-көтүү үрдээтин!
Орто дойду дьоллоох,
Оруос Баай соргулаах…
Оруос Баай
(алтан тайаҕар тайанан туран уҥа илиитин уунар).
Уруй-айхал, урааҥхай сахалар!!!
Уруй-айхал, үтүө хотуттар!!!
Этэр эҕэрдэҕит элбээтин,
Эдэр ыччаккыт үксээтин…
172