Page 167 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 167

Сирдээх-халлааны илиитигэр туттараары,
Сиигин-симэһинин куртаҕар куттараары,
Сатыы соллоҥо санаа буллардаҕа.
Саллайар сааспар саха манныгын,
Күөн көрсөн, күрэстэһэ илигим…
Күн сирин күүстээҕин кытта
Күрэс былдьаһар одун санаабын,
Мөккүөр бөҕөбүн мөлтөппөппүн,
Мөккүөр бөҕөбүн төннөрбөппүн!
Күрэс былдьаһан, күөн көрсөн,
Күлэ-күлэ, күлүн таптайыаҕым,
Күлэ-күлэ, күдэн ыһыаҕым…
Кырдьаҕас дьаалы, улуу убайым!
Кырдьан-бохтон, этиҥ эмэхсийэн,
Көрөр хараҕыҥ көрөрө мөлтөөбүт,
Көтөр-сүүрэр күдэҕиҥ быстыбыт.
Хоргута санаама, хойутаан кэлбиккин,
Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан турабын…
Орто дойду баһылыга буолбут
Оруос Баай обургу дьаалыны
Умсары уурдум, тиэрэ тэптим,
Уодьуганын туттум, тэһиинин тартым,
Кыыс оҕотун кыһыл субайынан
Кыыл таҥарам кыркаҕын көөнньөрдүм…
Дьылҕа Тойон тыыннаах буоллаҕына,
Дьылбаа маҥан хаттыгастаах халлааным
Орой-буурай Орулуос Дохсунун,
Одун халлаан оҥоруутун кэспитин,
Тоҥ суолун тордуоҕум,
Толбон ньуурун көрүөҕүм.

                (Чачыгыраччы күлэр.)

            Саһыл Ойуун

                 (уолуйан тура-тура).

Дьылҕа Тойон тыыннаах!
Дьылҕа Тойон күүстээх!

                       (тахсан иһэн)

Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски
Бэрдимсийимэ!
Чугастааҕы чугуччу,
Чуубурҕаама!!!
Оруос Баай суон буруотун
Умуруоруоҥ суоҕа,

                                                                                                     167
   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172