Page 162 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 162
3-с отчут
(илиитин ууна-ууна).
Көрүҥ эрэ! Көрүҥ эрэ!
Күөх төлөнүм иһигэр,
Хара буруом ортотугар
Хааннаах хара моҕой кыыл
Эттээх-хааннаах икки атахтааҕы,
Эриллэ сылдьан, эмэн эрэр…
Ынчыктыыр дуу?
Ыҥырар дуу?!
Кыһыл Ойуун
Сордоох-муҥнаах, соххор доҕолоҥ
Соргута орто дойдуга маннык,
Ону билэн-көрөн, орой охсуһар
Одун-дохсун санаа улааттын!
Тура-тура илиитин уунар.
Уһугун, өйдөн, икки атахтаах!
Уһугун, өйдөн, хара кырыыстаах!!!
Эн хааҥҥар хахай хаана хамнаатын,
Эн кырыыскар көҥүл уота умайдын…
Хааннаах алдьархай кэлэрэ буолла,
Хааннаах кырыыс дьайа туолла.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кыһыл Ойуун туох сыаллаах «хара норуот хараҕын аһар-
га» турунарый?
2. Кыһыл Ойуун кэп туонар сүрүн түһүмэх санааларын тиһи-
лигин оҥоруҥ.
3. Эриэн кыылынан ааптар тугу дьүһүннүүр быһыылааҕый?
4. Кыһыл Ойуун тоҕо «Сиэмэх илбистэнэн, хара дьайданан…
түспүтүм» диирий?
5. Орто туруу аан ийэ дойдубут «… хаанынан ытаан … ума-
йан эрэр» диэн бэйиэт туох санааны этэрий? Умайыы, уот,
«кэлэр кэм иэччэҕэ» туох сибээстээхтэрий?
6. Бэйиэт «Эн хааҥҥар хахай хаана хамнаатын, Эн кырыыс-
кар көҥүл уота умайдын…» диэн этиитэ туох ис номохтоо-
ҕуй? Кырыыс уонна көҥүл туох ситимнээхтэрий?
7. Эбэ Хотуну уонна от-мас иччилэрин, отчуттары суруйааччы
тоҕо киллэрбитий?
162