Page 166 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 166

Эҥэрдэһэн-эргийэн кэллэ.
                    Одун хаан оҥоруутун толороору,
                    Орто дойду олоҕун тупсараары,
                    Орто дойду баһылыга буолбут
                    Оруос Баай убайбыт оҕонньор
                    Кыра кыыһын, Айыы Куону,
                    Кыырай халлаан кылаан бэрдигэр,
                    Орой-буурай Орулуос Дохсуҥҥа,
                    Ойох биэрээри, айах тутта,
                    Төлкө түһэрдэ, түөрэх олорто.
                    Төрөөбүт дойдуҥ төлкөтүн санаан,
                    Мөккүөр бөҕөҕүн мөлтөтүй,
                    Мөккүөр бөҕөҕүн төннөрүй!
                    Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх
                    Иирэр илбиһэ, хара кырыыһа
                    Солото-сокуона суох буолбат,
                    Соро-муҥа суох сылдьыбат…
                    Кини — өлөр өлүү күлүгэ,
                    Кини — эрэй-буруй элэгэ!

            Саһыл Ойуун уолунаан иккиэн

                                           (сүгүрүйэ-сүгүрүйэ).

                    Уруй-айхал нии!!!
                    Уруй-айхал нии!!!
                    Орто дойду баһылыга буолбут
                    Оруос Баай, убайыҥ оҕонньор,
                    Өрөгөйдөөх өксөкү көтөр
                    Өлбөт үҥэр таҥаралаах,
                    Кытарар уот кынаттаах
                    Кыһыл Ойуун обургуга,
                    Үс бараа-хара күлүккэр
                    Үстэ үҥэн сүгүрүйэр…
                    Бэрт бэрдэ, ойуун улуута,
                    Бэттэх көрөн, мичик гыный!

                                                  Олороллор.

                                 Кыһыл Ойуун

                    Алдьархайдаах айыым аймаҕын
                    Ат гынан айааһаабыт-мииммит,
                    Эрэйин-буруйун элбэппит,
                    Эрийэн-мускуйан олорбут,
                    Орто дойду баһылыга буолбут
                    Оруос Баай обургуну,

166
   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171