Page 165 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 165
Доом-эрэ-доом!!!
Орто дойду баһылыга буолбут
Оруос Баай обургу дьаалыны,
Кэрэх маспар кэп туойаммын,
Куочай маспар хомуһун этэммин,
Түөрбэн үтэһэ буоламмын,
Түөрт соххор холоругунан
Өрөгөйдөөх дьайбар көтөммүн,
Өрө күүрэн, умса түллэн,
Таалар быарын, үллэр сүрэҕин
Таба түһэммин, дьөлө сүүрэммин
Өлөр өлүүгэ умса оҕустаҕым,
Өлөр өлүүгэ тиэрэ тэптэҕим…
Кыыс дьахтар кыһыл субайынан,
Кырыыс этинэн кыырдаҕым буоллун…
Хара быарын хаанынан дьайданан,
Хара суордуу хааҕырҕаан туран,
Өрөгөйдөөх халлааным өксөкүтүн —
Өлбөт үрдүк үҥэр таҥарабын
Таҥалайын таҥсыйтардаҕым,
Тоҥсук илбики түһэрдэҕим…
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!
II
Таһыттан С а һ ы л О й у у н киирэр, кутуруксут доҕор уоллаах.
Саһыл Ойуун уолунаан
(сүгүрүс гынан уруйдууллар).
Уруй-айхал нии!!!
Уруй-айхал нии!!!
Улуу тойон убайбыт,
Уордайбыккын уҕарыт.
Саһыл Ойуун
Улуу тойонум, убайдаах доҕорум,
Уруйдаах айхалым кэнниттэн
Этэр тылбын истэн туруй…
Эрэй-буруй элбээтэ,
Сор-муҥ үксээтэ,
Соло-сокуон сууйуллара,
Эргэ үйэбит эстэрэ
165