Page 163 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 163
ИККИС ООННЬУУТА
Күһүҥҥү киэһэ. Кыһыл Ойуун дьиэтэ — суоруу мас балаҕан. Дьиэтин
бастыҥ баҕанатыгар, даллаахтыы олорор курдук, хотой эмэгэтэ көхөҕө ан-
ньыллыбыт, дьиэтин ортоку тулааһыныгар кэрэх куочайа анньыллыбыт, ол
анныгар хаппыт сылгы баһа ыйаммыт. Биир атахтаах төгүрүк остуолга чороон
турар. К ы һ ы л О й у у н оһоҕун иннигэр, кыырар таҥаһын кэтэн, дүҥүрүн
тайанан, олорор.
I
Кыһыл Ойуун
Эрэй-буруй үксээтэ,
Эрэй-буруй элбээтэ…
Дьоллоох олох диэн сымыйа,
Дьоллоох киһи диэн албын…
Түгэҕэ-төрдө көстүбэтэх,
Түөрт эркинэ биллибэтэх,
Хааннаах хайаҕас ааныгар,
Хара дьаарын ортотугар
Ыллаан баран ынчыктыыр,
Ытаан баран ымаҥныыр
Күлүмнүүр күнүм аймаҕа
Күлүк курдук көстөн,
Күлэ-күлэ, ааһар…
Одун халлаан оҥоруута
Орто дойдуга маннык!
Кыыран дьалыһыйан барар.
Үөһэттэн үһүллүбүт,
Үрдүктэн ыйыллыбыт,
Үргэл сулус үктэллээх,
Өрөгөйдөөх халлаан өксөкүтэ
Өлбөт үҥэр таҥаралаах,
Алдьархайдаах аан дайды
Алгыстаах атыыр оҕуһа,
Аам-дьамаан дьааһыйдым…
А-а-а!!! А-а-а!!! А-а-а!!!
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Өрөгөйдөөх халлааным өксөкүтэ,
Өлбөт үҥэр үрдүк таҥарам,
Үс бараа-хара күлүккэр
Үстэ үҥэн сүгүрүйдүм…
(сүгүрүйэ-сүгүрүйэ)
163