Page 158 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 158

(тохтуу-тохтуу)

                Уһуктубутум — энэлийэн, эккирээн эрэр эбиппин,
                Уһуктубутум — дьалыһыйан, албаан эрэр эбиппин…
                Онтон ыла ойуун аатырбытым,
                Онтон ыла кыырар буолбутум,
                Үс түүннээх күнү мэлдьи кыыраммын,
                Үөһээ өрөгөйдөөх халлааҥҥа тахсаммын,
                Тоҕус туос тордуйаны толору
                Тоҥсуктаах илбискэ хааммын тохторон,
                Сиэмэх илбистэнэн, хара дьайданан,
                Сир ийэ дойдубар таҥнары түспүтүм…

                                                (тохтуу-тохтуу)

                Орто дойду баһылыга буолбут
                Оруос Баай улуу дьаалыны,
                Күлэ-күлэ, күлүн таптайаары,
                Күдэҥҥэ көтүтээри, күлүгүн сүтэрээри,
                Мөккүөр бөҕөнү мөҥүрэттим,
                Мөккүөр бөҕөнү төрөттүм…
                Үс төгүл үөрбэ буоламмын,
                Үөлэһин үүтүнэн таҥнары дьайдым…

                                                   Дьааһыйар.

                                              IV

     Оруос Баай о т ч у т т а р а кэлэллэр. Бары торбос сыалыйалаахтар,
   кугас кулун кутуруга дэйбиирдээхтэр, былыргы хотуурдары сүкпүттэр.

                                          Бары

                                           (сүгүрүйэ-сүгүрүйэ)

                Улуу тойон убайбыт,
                Уруй-айхал этэбит!!!

                                 Кыһыл Ойуун

                Олоро түһүҥ, сынньаныҥ.
                Оруос Баай обургу
                Одун дьоло оччуо суоҕа.

     Отчуттар, хотуурдарын ууран баран, бары уоту төгүрүччү олороллор.

                                    1-г ы о т ч у т

                Куолайым куурда,
                Куртаҕым ньүөлүйдэ…
                Кыһыл Ойуун убайым,
                Кымыстааххын дуо?

158
   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163