Page 156 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 156
Таалар хонуу олбохтоох
Улуу хочом көҕөрдө,
Унаар-тунаар долгуйда.
Үргэл сулус үктэллээх,
Үгүс-өлгөм күүстэрдээх
Кыһыл Ойуун обургу
Кытаанахтык утуйбут,
Орой-буурай охсуста,
Орто дойду долгуйда,
Үүнэр үйэ долгуна
Үллэн-түллэн таҕыста.
Чэйиҥ-чэйиҥ, доҕоттоор!!!
Тэйэн-тэбэн сылдьаммыт,
Орто дойду олоҕун
Отун-маһын симиэҕиҥ.
Бары
(оһуохайдаан).
Ойон-ойон, оһуохай!
Орой-буурай охсуста.
Уйгу-быйаҥ тубустун!!!
Уруй-айхал улааттын!!!
Ойон-көтөн, оһуохай!
Орой-буурай охсуста,
Орто дойду олоҕун
Отун-маһын симиэҕиҥ.
(дьиэрэҥкэйдээн)
Тэйэр-тэбэр дьиэрэҥкэй,
Тэйэн-тэбэн тэлээрий!!!
Күлэр-көтөр элбээтэ,
Күлүм-чаҕыл үксээтэ…
Бары, тэлээрэ-тэлээрэ, от-мас быыһыгар түһэллэр.
III
К ы һ ы л О й у у н, уһуктан, отуутун ааныгар кэлэн,
уотун иннигэр тааска олорор.
Кыһыл Ойуун
(уотугар умса көрөн олорон).
Үс сыл буолла түүл түһээбитим,
Үс сыл буолла ойуун буолбутум,
Онуоха дылы ойуумсуйбат этим,
156