Page 152 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 152
Бэрдимсийэн, үөрэтэн бу тыллары суруйбатым, ааҕар, су-
руйар дьон, тыл эрэйиттэн дьулайбакка, илбис күүһүттэн кут-
таммакка, суруйдуннар-үлэлээтиннэр диэн суруйабын. Саха
тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин.
Ойуунускай
1925 с., олунньу 8 к.
Дьокуускай к.
ООННЬУУР ДЬОНО:
К ы һ ы л О й у у н.
О р у о с б а а й.
А й ы ы К у о.
С а һ ы л О й у у н.
Э б э Х о т у н.
1 - г ы о т ч у т.
2 - с о т ч у т.
3 - с о т ч у т.
Х а т а н Т э м и э р и й э.
К у т у р ҕ а н К у о.
О т - м а с и ч ч и л э р э. А р ы а л д ь ы т к ы р г ы т т а р.
У р у у д ь о н о, т о й о т т о р, х о т у т т а р, к у л у т у о л а т -
т а р, к ы р г ы т т а р.
ААН МАҤНАЙ КӨСТҮҮТЭ
Сайыҥҥы былыттаах борук-сорук киэһэ. Этиҥ этэр, чаҕылҕан күлүмнүүр.
К ы һ ы л О й у у н отуутун иннигэр, хара аас тэллэххэ аҥаар атаҕынан
илин диэки тобуктаан, дүҥүрүгэр тайанан туран, кэп туонар. Домнууругар
дүҥүрүн охсор. Түптэлээх уота умайан кыламныыр.
Кыһыл Ойуун
(кэп туонуута).
Алдьархайдаах аан дайдыбар,
Адырҕаннаах аҕыс аартыгар
Кырыыстаах сата кынаттаах
Кыһыл Ойуун, улуу дьаалы,
Хааннаах далай ытыспынан
Хара норуот хараҕын аһан,
Көрбөт хараҕын көрдөрөн,
Көҥүлүн уотун уматыам дуо?!
Истибэт икки кулгааҕар
Имэҥнээх илбиһи иҥэрэн,
Соххор-доҕолоҥ сордорун
Солбонутар-сотор сокуонун
152