Page 149 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 149

Дьэ, туран Ылдьаана мунньахха сылдьыбыт киһи быһыыты-
нан, тугу истибитин сиһилии кэпсээн биэрдэ. Ааныска эмээх-
син ордук устурууктар дьахтар хайдах дьүһүннээҕин, хос-хос
ырбаахылааҕын, этэрбэһигэр тиийэ бириинчиктээн ыйытта.
Уһун Дьурантаайы оҕонньор ыйыппытын истэн баран, эмээх-
син, туораттан кыһыйан, кини куһаҕанын барытын хостоото.

    Ортолуу чэй иһэ-иһэ сэһэргэһэ олордохторуна, хотоҥҥо
сүөһү тыаһа тигинээтэ, абааһы эмээхсин өлөр саҥатын саҥар-
да. Онтон соһуйан утуйа сытар биһиктээх оҕо ытаан ньырылаа-
та, ыт оҕото эмиэ үрэн ньаҕыйда. Ылдьаана хаһыытаабытынан
хотоҥҥо ыстанан киирдэ, ньаадьы Ааныска оҕону көрө бар-
да… Күннээҕи кыһалҕа кыһайбытынан бардаҕа…

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

         «Ааҕыы сурунаалын» толор, түмүк санааҕын этэргэ бэлэм-
    нэн. Онуоха табылыыссата оҥоһун. 1-кы кэккэни «Тиэкискэ
    оччотооҕу дьахтар көҥүлгэ тардыһыытын көрдөрөр сүрүн тыл-
    лар, этиилэр», 2-с кэккэни «Билиҥҥи дьахтар көҥүлэ» диэн
    ааттаа уонна тиэкиһи ааҕа олорон бэйэҥ санааҕын суруйан ис.

Анаан дьүүллэһии

    1. Устурууктар дьахтар курдук төрөөбүт дойдута сайдарын ту-
        һугар күүскэ үлэлээбит кими билэҕит? Олоҕун булан үөрэ-
        тиҥ. Н. Д. Неустроев суруйуута төһө кырдьыктааҕын быһаа-
        рыҥ.

    2. Кэпсээн аата ис хоһоонугар төһө сөп түбэһэрин кэпсэтиһиҥ.
        Ол ааптар туһунан туох санааны бигэргэтэрин быһаарыҥ,
        түмүктэ оҥоруҥ.

    3. Сэмэн Тумат тиэкис иннигэр баар суруйуутугар сөбүлэһэҕин
        дуо? Бу айымньы кэпсээн дуу, новелла дуу?

                                                             АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

    1. Көҥүл саха дьахтара.
    2. Хараҥаҕа ыйдаҥа.
    3. Хаһан этэй дьахтарга «хараҥаттан сырдыкка тахсыы»?

                                                                                                                                     149
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154