Page 144 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 144

4. Суруйан бүтэрэн баран тэҥнээн көр. Ханнык санааларыҥ
        сөп түбэһэллэрий? Туох сөп түбэспэтэ? Туохтан буолуо дии
        саныыгын?

    5. Балыксыт Былатыан хайдах киһи эбитий?
    6. Үлэлээбиккин түмэн санааҕын үллэстэргэ бэлэмнэн.

Анаан дьүүллэһии

    1. Балыксыт Былатыан мэтириэтин болҕойон аах. Кэпсээҥҥэ
        туох суолталааҕын кэпсэтиһиҥ.

    2. Былатыан оҕонньор дьылҕатын таабырына туохханый?
    3. Былатыан оҕонньор күөрэ-лаҥкы оттоох-мастаах Тыымпы

        күөлүгэр соҕотоҕун олороругар туох көмөлөһөрүй?
    4. Кэпсээнньит бастаан Тыымпы күөлү көрө туран «...сүрэҕим

        ыалдьар, кутум-сүрүм тэһииккиир буоллаҕа үһү» диир.
        Оттон кэпсээн бүтэһигэр күөл «...көрүөххэ кэрэ этэ» диэн
        быһаарар. Санаата туохтан уларыйда? Оттон эн санааҕар?
    5. Балыксыт Былатыан дьылҕата мантан атын буолуон сөп
        этэ дуо?
    6. Оҕонньору кытта хайдах кэпсэтэриттэн, тугу саныырыттан
        көрөн, сааһыт уол уобараһын оҥорорго холон.

                                                                                ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

    1. Суруйааччы уобараһы арыйар ньымата (айылҕа көстүүтэ,
        отуу иһин-таһын, туттар сэби, малы-салы ойуулааһын, киһи
        ис санаатын биэрии, диалог).

    2. Кэпсээн композициятын уратыта.
    3. Суруйааччы кэпсээнин тоҕо «Балыксыт Былатыан кырдьа-

        ҕас өлөн хаалла» диэнинэн бүтэрбэккэ, ааҕааччыны Тыым-
        пы күөлгэ иккистээн аҕалбыт кистэлэҥэ.

                                                             АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

    1. «Тыымпы күөл», «Оҕонньор хатырык отуутун таһа», «Ба-
        лыксыт Былатыан эбэтин таптыан таптаабыт эбит» тиэмэ-
        лэртэн талан ойуута оҥор.

    2. Н.Д. Неустроев курдук билэр киһиҥ мэтириэтин дьүһүйэргэ
        холон (Неустроевтыы мэтириэт).

    3. Балыксыт Былатыан уонна айылҕа.

 144
   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149