Page 142 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 142

кэбиспит, хара самыырынан туох да көстүбэт гына тоҕо түһэ
турар эбит.

    Алдьархайдаах, аанайдаах силлиэ түһэн, оҕонньор хатырык
отуутун көтүтэн илдьээри муҥнаан эрэр эбит. Балыксыт өй-
дөнөн кэлбитэ: төбөтө туох да салаҥнык ыалдьыбыт, сүрэҕэ
көппүтэ диэн туохтан да муҥ, тамаҕа хатан хаалбыт, этин сы-
лааһа уокка баттаабыт курдук буолбут.

    «Көр, ыалдьыбыппын ээ», — дии санаата оҕонньор, орону-
гар хат сытан баран. Тыал тыаһа, ардах түһэрэ ордук күүһүрэр-
гэ дылы гынна. Уу булан тамаҕын сиигирдээри, оҕонньор хат
оронон туран иһэн, мэйиитэ эргийэн түҥ-таҥ баран, кыайан
сүһүөҕэр турумуна, умса баран түстэ. Ол кэннэ ыараханнык,
иҥсэлээхтик ынчыктаата.

    «Ок-сиэ, өлөр кэлбит ээ, бадаҕа! Күүс суох буолбут. Саас-
пар ынчыктыыр диэни билэ илик этим. Ол бу күнүм хараара-
ра кэллэҕэ. Бар дьонум, бырастыы, хара тыам, күөх далайым
иччилэрэ, бырастыыларыҥ! Аны эһигини кытта аалсарбыттан
ааһаары гынным быһыылаах». Ити курдук оҕонньор иһигэр ку-
рутуйа сытта. Оннооҕор эмээхсинэ өллөҕүнэ тахсыбатах ха-
раҕын уута субуруйда, тыына улам-улам кылгаата, түҥ-таҥ
буолла, өлөр диэн чугаһаата быһыылаах. Арай тыал тохтуурун
быыһыгар өлөөрү чиччигинии сытар оҕонньор иһиттэҕинэ, күөл
кытыытын диэки ыт үрэн ньаҕыйда.

    «Эбэм иччитэ баарын биллэрдэҕэ», — дии санаата оҕон-
ньор. Ол кэнниттэн туох эрэ кэлэн, кинини атаҕыттан тар-
дыалаата. Оҕонньор, соһуйан, оронугар олоро түстэ. Хараҕын
уутун туора-маары соттон баран, өйдөөн көрбүтэ — били кини
өлбүт эмээхсинэ кэлэн, отуутун өҥөйөн туран, куолутунан мө-
ҕөн эрэр эбит.

    — Оҕонньор, тур! Аата, күтүр өстөөх утуйдаҕа баҕас кытаа-
наҕын. Чэ, тур, барыах!

    — Бачча түүн ол ханна барабыт? — диэтэ оҕонньор, сүрэҕэл-
дьээбит киһи быһыытынан.

    — Эн өссө ол-бу диэн дойҕохтуу олороҕун. Киһи тылын ис-
тибэккин, — диэтэ да, эмээхсин оҕонньору, икки акымалыттан
сулбу таһыйан ылан, түҥ-таҥ ытыйан ханна эрэ көтүтэн илдьэ
барда.

    «Бу күтүр аны киһини ууга түһэриэ. Арах оҕолор!» — дии
санаан баран, оҕонньор ханна да барбытын билбэтэ…

    Балыксыт Былатыан кырдьаҕас өлөн хаалла.
    Хас да сыл буолан баран мин, түргэн атахтаах тайах кыылы
эккирэтэн баран, мэлийэн, төннөн иһэн мунан биир улахан

 142
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147