Page 138 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 138
Ол тумулга тиийэн көрдөххө, уу быстар кытыытыгар буруот-
тан, ардахтан харааран хаалбыт, иҥнэри түһэн турар хаты-
рык отуу баар эбит. Отуу иннигэр уот буруолуу сытар, былыр
Дыгын саҕанааҕыга оҥоһуллубут, айаҕа сарымтыйан хаалбыт
тимир солуурчах иҥнэри түһэн олорор, уот аттыгар хас да туос
тордуйа сытар, отуу тулатыгар аппа сир балык хатырыгынан
туолбут, тиит мас төрдүгэр хас да балыктыыр туу өйөнөн ту-
рар. Хатырык отуу иһигэр ким да баара биллибэт.
Күөл диэки көрө түстэххэ, уҥуоргу саҕахтан тыылаах киһи,
аргыый, аат эрэ харата эрдинэн, отуулаах кытыы диэки устан
иһэр. Сотору соҕус буолан баран ханнык эрэ саһаран хаалбыт
хамыс быыһынан эргэ баҕайы тыы төбөтө, сурулаан кэлэн,
кытыыга анньылынна. Аргыый аҕай, сэрэнэн-сэрэнэн, тыыттан
кырдьаҕас оҕонньор киһи тахсан кэллэ.
Тыаһаабат уулаах тыымпы күөлүм иччитэ буолбут уу байа-
найа Сыраанда Күлүк — Балыксыт Былатыан, дорообо, кыр-
дьаҕас! Аата, эйигин харахтыыр, эн саҥаҕын истэр күннээх
эбиппин ээ.
Дьэ доҕотторуом! Мин, эһиэхэ мааҕыттан Балыксыт Бы-
латыаны кэпсээри оҥостон баран, тыаһаабат уулаах тыымпы
алааспын хоһуйарбар буолан, күнү-ыйы мээлэ ыыттым. Хайдах
гыныамый, тылтан тыл ситимнэһэн, үөскээн барар.
Оҕонньор, мин диэки көрөн баран, аргыый аҕай эттэ:
— Тугу гына сылдьар оҕоҕун?
— Ээ, тыаҕа саалана сылдьабын, хара тыа байанайа тугу
138