Page 139 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 139
эмэ дьоллоорой диэн. Эн, кырдьаҕас, хайдах-туох сытаҕын? —
диэтим мин, оҕонньорум сирэйин-хараҕын одуулаһа-одуулаһа.
— Олоробун үчүгэйдик, булт суох, — диэн баран, оҕонньор,
ыалдьыты абааһы көрбүт киһи быһыытынан, иэдэс биэрдэ, ол
кэнниттэн, уотугар саба түһэн сытан, тииһэ суох айаҕынан бу-
рулаччы үрбүтэ, үрүҥ күл өрө бурҕайан тахсан, сирэйин саба
тибиирдэ, онтон уолуһуйбакка эрэ, оҕонньор киһи уотун буру-
лаччы үрэ олордо.
Ону көрөн баран, мин тоҕо эрэ күлүөх санаам көтөн түстэ.
— Тоҕо күллүҥ, доҕоор? — диэтэ оҕонньор, умайан эрэр
уотугар амынньыкыны быраҕа-быраҕа.
— Ээ, бэйэм, оту-маһы көрөн үөрэбин.
Ити кэнниттэн туох да саҥата суох балыксыт оҕонньор, со-
луурчахтаах чаанньыгын туппутунан, күөлүн кытыытын диэки
тиэтэйэ-саарайа сылайбыт атаҕын сыһан, киирэ турда.
Оо, күтүр өстөөх! Иэгэйэр икки атахтааҕы ахсааннаахтык
көрөҥҥүн, иэримэ дьиэҕиттэн тэлэһийэн, хара тыаны сирэй-
дэнэн хаалаҥҥын, тыатааҕы курдук, арҕах эрэ хаһынарыҥ хаал-
быт ээ. Аата, собоһут кыыл курдук, сорсуйан бардаҕыҥ.
Ити курдук санаан, мин абара олордохпуна, оҕонньорум,
икки илиитин акыччы санньылытан, дьэбиннээх солуурчахтаах
чаанньыгар уу баһан салыбыратан таһаарда.
Сирэйин-хараҕын өйдөөн одуулаан көрбүтүм: үмүрүйбүт со-
ҕус туруору сүүстээх эбит, баттаҕа, туртайан баран, тыымпы
күөлүм хагдарыйбыт хамыһын дьүһүнүн курдук саһаран эрэр,
уһун соҕус субуруйбут муруннааҕа, боруоска табах симиллэн
бордьугунас тыастаах буолбут, ымайбыт уоһун иһигэр аҕыйах
аҕай тиистээх, сэҥийэтигэр си буолуохтааҕар сэбирийбит бы-
тыктаах эбит. Сирэйэ буоллаҕына, күн уота сиэн, тыал быһыта
сынньан, кэриэрэн, дьэс алтанын курдук, саһаран хаалбыт.
Тугуттан даҕаны хараҕа ыраас, сытыы эбит. Кэпсэттэҕинэ, ки-
һи сирэйин утары көрбөт идэлээх, ол-бу диэки элээр-мэлээр
көрө олорор үгэстээх киһи эбит.
— Тукаам, балык буһардахпына, сиэҥ этэ дуо? — диэтэ ба-
лыксыт, чаанньыгын көлөтүгэр иилэ туран.
— Сиирим кэмнээх буолуо дуо? Дьэ эрэ, хата үчүгэй аҕай-
дык бөдөҥ собоҕуттан буһаран көр.
— ¤э-һэ, бөдөҥ собо диэн кэлээхтиэ дуо, быйыл балык мөл-
төх быһыылаах. Эбэ тоҕо эрэ санаата кэлбэтэх.
— Кырдьаҕас, бу эбэҕэр бултуур буолтуҥ хас сыл буолла?
— ¤э-һэ, былыыр-былыргыттан, киһини билэр буолуохпут-
тан ыла, бу күөл кытыытыгар баарбын билэбин. Дьэ ырааппы-
139