Page 140 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 140
та буолуо эбээ, тугун билиэм буоллаҕай, кырдьан, түөс-маас
буолбут киһи, һэ-һэ!
— Оттон бу эбэ кытыытыттан арахсыбакка бултаабытыҥ хас
сыл буолла?
— Уон төгүрүк сыл буолла. Эмээхсиним өлбүтүн тухары бу
дойдуну булбутум. ¥лэни кыайбат буолтум тухары наар бул-
ду батыспытым. Ол гынан баран кырдьар диэн кырыыс муҥа
эбит, бултуурбун даҕаны кыайбат буоллум. Сытыахтааҕар эрэ
хороҥноон сылдьабын. Дьиэ үлэтигэр туһата суох буолбут ки-
һибин.
Ити икки ардыгар оҕонньор балыгын хатырыктаан уотугар
буһаран кэбистэ. Ол кэнниттэн мутук оборчоҕо табах ууран
тарта, табаҕын буруотун айаҕын иһиттэн хотон таһаарбат та-
бахсыт буолла.
Ону-маны кэпсэтэ түһэн баран, мин өр соҕус саҥата суох
өттүктүү түһэн сыттым. Ол сытан иһиттэхпинэ, күөл уҥуоргу
өттүгэр туох эрэ тигинэс тыас тыаһаата. От-мас төбөтө эймэ-
нэ түстэ, күүстээх холорук күөл уутун ортотунан хайа солоон,
илин кытыыга курбачыйан таҕыста.
— Оо, бу дойдуга халарык эмиэ сылдьар буолар эбит
дуу? — диэтим мин.
— ¤э-һэ-һэ! Бэркэ этэҕин, доҕор, оттон күөл иччитэ сыл-
дьар буоллаҕа дии. Күрүс-күрүс буола-буола, ити курдук кэлэн
ааһар идэлээх.
— Маннык улахан эбэ иччилээх буолумуна. Эн, Былатыан
кырдьаҕас, сааһыҥ тухары эбэҥ кытыытыттан арахсыбатах ки-
һи буоллаҕыҥ. Биирдэ эмэтэ кинини харахтыырыҥ дуо?
Балыксыт, өр соҕус саҥата суох сөҥөн олорон баран, эттэ:
— Көрүмүнэ, сорох икки ардыгар син, түүл-бит курдук, бил-
лэн ааһар. Биирдэ илэ харахпынан көрбүтүм буолан баран,
бүдүүлээн, субу курдук дьүһүннээх диэн быһааран билбэтэ-
ҕим, кини буоллаҕа диэн сэрэйэ эрэ санаабытым.
Ити кэнниттэн оҕонньор, хап-сабар ойон туран, солуурчах-
таах балыгын булкуйа охсон биэрдэ.
— Биир киэһэ эбэм уҥуоргу өттүгэр тыылана сылдьан, ха-
мыс быыһыгар хара ыт буолан тахсан олорорун көрбүтүм, —
диэтэ оҕонньор, хат кэлэн, мин аттыбар олорон баран. — Мии-
гин көрөөт, ууга киирэн баран, мэлис гынан хаалта. Куттанан,
абааһы көрөммүн, ол түүн аанньа утуйбатаҕым. Онон эбэм ич-
читэ баарын ол курдук биирдэ биллэрэн турар. Ол кэнниттэн
хас да сыл буолан баран, эмээхсиним өлөр кыһыныгар эбэм
мууһа туоратынан күөрэлэммит этэ, иччитэ алдьаттаҕа буолуо.
140