Page 145 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 145

4. Олох күүһэ тугуй?
5. Балыксыт Былатыан «саҥа» олоҕо (Балыксыт Былатыан

    олоҕо мин баҕа санаабынан).
6. Сааһыт уол туһунан мин санаам.

Аах. Бил. Туһан

    1. Боескоров Г. К. Творчество Н. Д. Неустроева. — Якутск:
        Книж. изд-во, 1967.

    2. Заболоцкай Н. М. Суол т³рдμгэр. — Дьокуускай: Кинигэ
        изд-вота, 1982.

Аа±ыы, сэ´эргэ´ии

                   Ыйдаҥа

    Ылдьаана эдэр, сүүрбэ биэс саастаах дьахтар, сарсыарда
ынаҕын оннун ыраастаан баран, хотонуттан дьиэҕэ таҕыста.
Ол тахсан тиэтэйэ-саарайа сирэйин, илиитин удьааттан уутун
омурдан суунна, онтон көлөһүннээх соҕус соттор былаатынан
маҥан сирэйин ньылаарыччы соттон кэбистэ, онтон туран,
утуйар оронун үрдүгэр мас көхөҕө ыйаанан турар, саҥа сии-
дэс ырбаахытын көлөһүннээх даба ырбаахытын таһынан кэтэн
киэркэйдэ, маллаах дьааһыгыттан маҥан былаат ылан баһыгар
баанан маҥхайда, ынах олооччу этэрбэһин устан, тыс этэр-
бэһи анньынна.

    Ол кэннэ Ылдьаана, көхсүн этитэн баран, түргэн соҕустук
хааман тиийэн хотон аанын өҥөйөн туран эрэ: «Эмээхсиэн,
мин мунньахха бардым, киэһэ кэлиэм, оҕону көрөөр», — диэн
баран, тахса ойдо.

    Ол тахсан Ылдьаана маҥан хаарынан сабылла сытар төрөө-
бүт алааһын эргичийэн тула көрдө.

    Туох да тыас-уус иһиллибэт, киһи-сүөһү көстүбэт. Ылдьаа-
на, тиэтэйбит киһи быһыытынан түргэнник, икки илиитин хар-
дары-таары дайбаан, тыа диэки хаама турда.

    Кини тахсан барарын аҕай кытта, биһиккэ сытар ньирэй
оҕо уһуктан ытаан тыҥкынаата. Онуоха өр соҕус буолан баран,
холоҥсолоох хотонтон кыһылынан көрбүт, аҕыластаабыт-мэ-
ҥилэстээбит, тордох сонноох, чомпой бэргэһэлээх, атах сы-
гынньах, айыы-абааһы икки ардынан эмэхсийбит эмээхсин

                           145
   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150