Page 141 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 141

Сүдү оҕус буолан баран муоһунан күөл мууһун хайа солуур
дииллэрэ былыргы дьон, ол этэллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа.
Нэһилиэктэн киһи өлөөрү гыннаҕына, куруук ол курдук гынар.

    Ити кэнниттэн оҕонньор өр саҥата суох күөлүн диэки көрөн
олордо.

    Мин, эмиэ тугу да саҥарбакка, кинини одуулаһа олордум.
    Кырдьаҕаһым тугу эрэ көхсүгэр толкуйдаан, санаан эрэр?
Туох ону сэрэйиэ баарай.
    Оҕонньор, көхсүн этитэн баран, үөһэ тыынна, айаккалаата,
ол кэнниттэн ньилбэгиттэн тайанан баран, солуурчахтаах ба-
лыгын аҕалан мин иннибэр уурда. Собобутун сии олорон,
балыксыт оҕонньор аны наар миигиттэн ону-маны ыйытар,
ыраахтааҕыга тиийэ ырытар киһи буолла. Мин тугу билэрбин
кэпсии сатаатым. Күтүрү, кырдьыга, ити курдук ырааҕынан эҥ-
сэн саныыра буолуо диэбэт этим.
    Онон киһи киһитэ өттө, дэлэҕэ собоһут кыыл курдук буолуо
дуо…
    Хаһалаах эмис собону тото сиэн баран, мин бараары тур-
дахпына, оҕонньор, курутуйбут курдук, сонньуйан туран эттэ:
    — Хайа, тукаам, бараары гынныҥ дуу? Барымына, тугу гына
миигин, абааһы, бүдүк буолбут оҕонньору кытта олоруоҥуй.
Эдэрим буоллар, мин да бара-кэлэ сатыам этэ. ¤э-һэ-һэ! Хата
аныгы сырыыгар табахта кэһиигин аҕалаар, мин собо ууруом, —
диэтэ.
    Тыа саҕатыгар тахсан баран, кэннибин хайыһан көрбүтүм —
оҕонньор эрэйдээх тоҕо эрэ күөлүн кытыытын диэки аат эрэ
харата саллаҥнаан эрэр эбит.
    Оо, тыаһаабат уулаах тыымпы эбэм, соҕотох иччигиттэн эс-
тэриҥ чугаһаабыт ээ, бадаҕа…
    Күһүнүгэр тиийэн мин иһиттим — Балыксыт Былатыан оҕон-
ньор эбэтин кытыытыгар өлө сытарын булан ылбыттар үһү
диэн…
    Ону истибит дьон, үөһэ тыына-тыына: «Оо, оҕонньор барах-
сан дьэ сараабыт ээ, буолумуна», — дэстилэр…
    Күһүҥҥү түүн, соботуттан кэриэһин тото сиэн баран, Ба-
лыксыт Былатыан саҕынньаҕын бүрүнэн, хатырык отуутугар
түлүк уутун утуйа сытан, туох эрэ күүстээх тыас тигинээби-
титтэн уһуктан кэлэн, өндөйөн көрбүтэ: отуутун айаҕа аһыл-
лан хаалбыт эбит, хара тыа тыаһа тигинэс буолбут, тыаһаабат
уулаах тыымпы эбэтин долгунун тыаһа ньиллиргэс буолбут,
хара былыт мааҕы бэйэлээх күндүл маҥан халлаанын бүрүйэн

                                                                                                                                     141
   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146