Page 146 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 146

оронон тахсан, умуллаары гыммыт уокка көлөһүннээх тарбах-
тарын саллан баран, биһиктээх оҕону биэбэйдии барда.

    Оҕо ытыырын ортотугар куһаҕан киҥкир саҥа иһилиннэ: «Бу
дьахталлар эҥин араас буолан, аны мунньахха, барабыт диэн
үгэстэнэн, оҕолорун да оҕолообот буоллахтара. Оттон былыр
биһиги, син мунньаҕа да суох, оҕо оҕолоон, сүөһү иитэн,
ыал буолан олорбуппут. Дьахтарга мунньах туох сыһыаннаах
баҕайытын, үлэлээбэккэ, дьиэлэрин, сүөһүлэрин-астарын көрү-
мүнэ мунньахтыы дии-дии аныгы дьахталлар чолоҥностохторо
үһү», — диэн эмээхсин күтүр, үгэх иччитин курдук, үгэргээн-
хоһорҕоон иһэн, туохтан эрэ иэдэйбит саҥатыттан соһуйан,
орон анныгар сытар ыт оҕото киниэхэ эккэлии-эккэлии, өрө
сүүрэн тиийдэ.

    Бадаҕа ньирэй оҕо тугу эрэ баакастаата быһыылаах.
    Ити курдук эмээхсин күтүр, улуу киһи, ньуу-ньаа буолан эр-
дэҕин саҕана, Ылдьаана, төрөөбүт алааһын сыырын өрө сүүрэн
тахсан, хаҥкыйа тоҥмут хатыҥ чараҥ устун хааман истэ.
    Бу иһэн киниэхэ өйүгэр араас санаа көтөн түстэ. «Урут дьах-
тары мунньахха ыҥырбат этилэр. Билигин туох эрэ наадаттан
ыҥыран эрэр буоллулар. Дьахтар аны эр киһини кытта тэҥ-
нэстэ дииллэр. Ол аата туох буолуой»? Былырыын кыһын биир
будьуруйбут баттахтаах кыһыл нуучча тахса сылдьан, эмиэ
дьахталлары мунньахтата сылдьыбыта, тугу эрэ сахалыы түҥ-
таҥ кэпсээн лахсыйбыта да, Ылдьаана кыайан быһааран өй-
дөөбөтөҕө. Ол кыһыл нуучча дьахтарга тэҥ көҥүл олох кэллэ,
дьахтары атаҕастыыр-баттыыр сатаммат диэбитэ. Ону истиэх-
хэ хайдах эрэ үчүгэй этэ, ол гынан баран Ылдьаана дьиэти-
гэр мунньахтан киэһэ кээлтин кэннэ эрэ Сүөдэр тыаттан мас
кэрдэн киирэн, аччыктаан, чэйэ бэлэмэ суох буолан, кыыһы-
ран кинини кырбаабатаҕа эрэ, бэркэ диэн үөхпүтэ-түрүйбүтэ,
аны мунньахха сылдьыма диэн буолбута. Ол кэнниттэн, аҕыйах
хонон баран, оскуолаҕа туох эрэ оонньуу буолбутугар, Ылдьаа-
на бараары гыммытын эрэ ыыппатаҕа. «Ол аата дуу, дьахтар
көҥүлгэ тиийбитэ диэн? Билигин куораттан үөрэхтээх саха
дьахтара тахсыбыт үһү. Бэйи, дьэ, кини тугу этэр эбит, истиэх-
пит ээ. Былырыыҥҥы нуучча саҥарбытын дьахталлар хотон
өйдөөбөтөхтөрө. Сүөдэр да мөҥүө буолтун иһин, мин биирдэ
хайдах дьону-сэргэни көрө барбат буолуохпунуй, үөрэхтээх
дьахтары да көрөр туһа».
    Оскуола таһыгар баар ыалга Ылдьаана сылдьан баран, дьүө-
гэ дьахтарын Маайаны кытта аргыстаһан оскуолаҕа мунньах-
тыыр сирдэригэр барда, ол баран иһэн куораттан тахсыбыт

 146
   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151