Page 150 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 150

Аах. Бил. Туһан

    1. Башарин Г. П. Н. Д. Неустроев / Три якутских реалиста-про-
        светителя. — Я. : Книга, 1994. — С. 93—109.

    2. С. Тумат. Кылгастык, чаҕылхайдык // Чолбон, 1995. — 4 №.

        ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ СЛЕПЦОВ — ОЙУУНУСКАЙ
                                      (1893—1939)

                                          Хайа баҕарар норуокка кини туох
                                     баар үтүөтүн, үчүгэйин, кэрэтин — өр-
                                     көн өйүн, самныбат санаатын, чаҕылхай
                                     талаанын, сырдык ыратын, холобура
                                     суох хорсунун, модун волятын иҥэрим-
                                     мит уһулуччулаах дьон баар буолал-
                                     лар. Оннук дьон, үгэс курдук, уопса-
                                     стыба сайдыытын ураты бэлиэ кэмнэ-
                                     ригэр, норуот күүһэ муҥутаан тыынар
                                     мүччүргэннээх күннэригэр чаҕылҕан кэ-
                                     риэтэ күлүм гынан ааһааччылар (киһи
                                     үйэтэ диэн, төрдө-төбөтө биллибэт ус-
                                     туоруйаҕа холоотоххо, чыпчылыйыах тү-
                                     гэнэ буоллаҕа…)
    Ити уһулуччу дьон уһун дуу, кылгас дуу олохторун усталаах-
туоратыгар бары өйдөрүн-санааларын, кыахтарын-дьоҕурда-
рын, күүстэрин-күдэхтэрин төрөөбүт бар дьоннорун, иитилли-
бит Ийэ сирдэрин туһугар анаан, үтүмэн үгүс үлэни үлэлээн,
киһи сөҕөр күчүмэҕэйдэрин туораан, ким да кыайбатаҕын кыа-
йаннар, ама киһи айбатаҕын айаннар, норуот символа, албан
аата, киэн туттуута буолаллар. Биир кэмҥэ үөскээбит дьон-
норо эрэ буолбакка, кэнэҕэски көлүөнэлэр бүтүннүү кинилэр-
гэ сүгүрүйэллэр, кинилэр ааттарын ааттаабытынан күн сирин
көрөллөр. Оттон атын норуоттар бу норуоту бастатан туран
кинилэринэн сирэйдээн билэллэр, кинилэринэн холоонноон
өйдүүллэр.
    Саха норуотугар биир оннук киһи Платон Алексеевич Ойуу-
нускай буолар.

                                                                                 Софр. П. Данилов

 150
   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155