Page 155 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 155

МАҤНАЙГЫ ООННЬУУТА

      Сайын. Түүн ааһан, халлаан сырдаан эрэр. Этиҥ этэр, чаҕылҕан
   күлүмнүүр. К ы һ ы л О й у у н Амма кытылыгар, Тэйэр хайа анныгар,

                                   кэлтэгэй отууга утуйа сытар.

                                              I

          Талах быыһыттан дойду иччитэ Э б э Х о т у н тахсан кэлэр.

                                   Эбэ Хотун

                                           (уруйдуу-уруйдуу).

                           Уруй-айхал улааттын!!!
                           Уйгу-быйаҥ тутуурдаах
                           Орто дойдум олоҕун
                           Очурдарын тупсарбыт
                           Отун-маһын иччитэ,
                           Күлүм-илим көтөҥҥүт,
                           Күлэн-көтөн кэлээхтээҥ.

                                          Отунан далбаатыыр.

                                             II

Сир симэҕэ таҥастаах о т-м а с и ч ч и л э р э ирбинньиктэһэн кэлэннэр,
                         Эбэ Хотуҥҥа сиргэ тиийэ сүгүрүйэллэр.

                          От-мас иччилэрэ

                                          (сиэттиһэ сылдьан).

                           Эбэ Хотун эдьиийбит!
                           Эҕэрдэлээн этэбит —
                           Эргэлиирэ үйэбит
                           Эргийбэккэ эһиннэ,
                           Көтөр-сүүрэр кыыллардаах,
                           Көҕөрөөхтүүр хонуулаах
                           Сирдэригэ дойдубут
                           Симэхтэрэ ситтилэр.
                           Кутар быйаҥ ардахпыт
                           Курулаччы кутаахтаан,
                           Дьоллоох олох тубуста,
                           Дьоллоох соргу улаатта.

                                        (үҥкүүлүү-үҥкүүлүү)

                           Үөрүүлэрбит үрдээтэ,
                           Үҥкүүлүүрбүт үксээтэ,
                           Өрөгөйдөөх олохпут
                           Өрө үллэн таҕыста.
                           Таастаах хайа хаххалаах,

                                                                                                                                 155
   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160