Page 157 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 157

Онуоха дылы биттэммэт этим…
Түһээммин, эркинэ-иитэ биллибэтэх,
Түгэҕэ-төрдө төрүт көстүбэтэх
Хааннаах хайаҕас ааныгар,
Хара туманым ортотугар,
Хотой оҕото буоламмын,
Кубулунан сыттахпына,
Түүлээх төбөлөөх эриэн кыылым
Түллэҥнии-түллэҥнии сыылан кэлэн,
Түөһүм үрдүгэр төбөтүн уурбута,
Түгэҕэ биллибэт хара харахтарынан,
Тыбыс-тымныытык, чыпчылыйбакка көрбүтэ…
Онуоха, уһукта быһыытыйаммын,
Олустук уолуйан-куттанан,
Икки кынаппын хамнатан көрбүтүм —
Икки дабыдалым, дырылыы-дырылыы,
Уотунан умайбыттара,
Утуйан, улук буолбуттара.
Куйахам куйута-хайыта тарпыта,
Куйахам, итийэ-итийэ, дырдырҕаабыта,
Сүүһүм, тымныйа-тымныйа, умайбыта,
Сүүһүм көлөһүнэ аһый-аһый хаарыйбыта,
Сүрэҕим тиҥ-тиҥ тиҥиргээбитэ,
Сүрдээхтик дыр-дыр хайыта барбыта.
Онуоха эриэн кыылым түллэс гыммыта,
Оҕуруо курдук тымныы харахтарынан
Өҥөйөн көрбүтэ, тылын таһаарбыта…
«Өллүүм-өллүм», — дии санаабытым,
Икки чабырҕайбынан хараҕым уута,
Илибирии-илибирии, таҥнары сүүрбүтэ.
Түөһүм, ньирилии-ньирилии, ньүөлүйбүтэ,
Түөһүм улам-улам тымныйбыта.
Хамнаан, хаҕынайан көрбүтүм —
Хамнаабат гына куҥ буолбутум…
Эриэн кыылым уһуктаах тылынан
Эмиийим кэрэтиттэн сыҥаахпар дылы,
Уот курдук, дьукку салаабыта,
Унньулус гыммыта, сүтэн хаалбыта…
Сыҥааҕым, итийэ-итийэ, бабыгыраабыта,
Сыҥааҕым, итийэ-итийэ, хабдьыгыраабыта…
Онтон, титирии-титирии, энэлийбитим,
Онтон түлэй-балай түспүтүм…

                                                                                                           157
   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162