Page 159 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 159
2-с о т ч у т
Аата, Оруос Баай обургу
Аһа-арыыта бараннаҕа,
Аһаабатахпыт алта хонно.
Атаҕым дьарҕата улаатта,
Аһый-аһый тарта…
3-с о т ч у т
Сырам-сылбам быһынна.
Сытан-олорон сынньаныахха…
К ы һ ы л О й у у н отуутуттан улахан чорооҥҥо кымыс аҕалан отчуттарга
биэрэр, отчуттар, олорон эрэ, аҕылыы-аҕылыы, иһэллэр.
1-г ы о т ч у т
Сааһым тухары тылым минньийбэтэҕэ,
Сааһым тухары сүрэҕим үөрбэтэҕэ,
Дьэ, тылым минньийдэ,
Дьэ, сүрэҕим үөрдэ…
Уоспутун хомоҕой салыаҕа,
Уоспутун Оруос Баай көрүөҕэ.
Уоран аһаабыккыт диэҕэ.
Бары уостарын күлүнэн соттоллор.
2-с о т ч у т
Аһаатаҕым-сиэтэҕим минньигэһин!
Атаҕым дьарҕата аһыйара ааста…
(ойон тура-тура)
Улуу хочом, киэҥ эбэм
Унаар-тунаар төлөнө түспүтэ,
Ото-маһа күлүмнүү көҕөрбүтэ,
Онон-манан көлүйэ күөллэрим
Көмүс мөһүүрэ долгуннара оонньоон,
Көрө-күлэ турар курдук,
Күндээрэ-күлүмнүү тураллара
Тоҕо бэрдэй, тоҕо үчүгэйэй!
Тохтор уулаах харахтанаммын,
Тотору билбэт истэнэммин,
Ытыыр-ынчык дьайданнаҕым, —
Ыллыам-туойуом баара дуо!
Ыллыыр оннугар ынчыктыы турдаҕым,
Ымаҥныыр оннугар ытыы сырыттаҕым…
159