Page 160 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 160
Көхсүн этитэр, хомойон-куруйан, сукус гына олорон баран,
өттүгэстии түһэр.
3-с о т ч у т
Ким билэрэ-көрөрө буолуой,
Ким этэн иһитиннэриэй —
Отчут-масчыт олоҕо тупсарын,
Отчут-масчыт дьолу тутарын?
Отчуттар бары
Эрэй-буруй элбээтэ,
Эрэй-буруй үрдээтэ…
Кыһыл Ойуун
Бэл диэтэр, билиҥҥини билбэппит,
Бэл диэтэр, баары көрбөппүт.
Оруос Баай баар орто дойду баһылыга,
Оруос Баай баар орто дойду таҥарата…
Эрэй-буруй элбээтэ,
Эрэй-буруй үрдээтэ…
Орто дойду олоҕо тупсуоҕа,
Орто дойду дьоло улаатыаҕа —
Соло-сокуон сууйулуннаҕына,
Соло-сокуон уларыйдаҕына.
Оруос Баай кутун-сүрүн көтүттэххэ,
Оруос Баай кутун-сүрүн өлөрдөххө —
Отчут-масчыт олоҕо тупсуо этэ,
Отчут-масчыт дьоло улаатыах этэ.
Отчуттар бары
Кыһыл Ойуун убайбыт!
Кылааннаах-өргөстөөх
Кырыыскын көтөҕөн,
Күлэ-күлэ, күлүн таптай,
Күлэ-күлэ, күдэн көтүт!
Отчуттар бары сыталлар. Кыһыл Ойуун, тура-тура, ытыһын үрдүнэн
отчуттары үрэр. Отчуттар бары, хаччыгыныы-хаччыгыныы, утуйан бараллар.
Кыһыл Ойуун
Орто аан дойдум үрдүгэр
Оруос Баай кутун-сүрүн, —
Үөһээнэн көттөҕүнэ, өҕүрүйэн ыламмын,
Үллэр өлүүгэ тиэрэ тэбиэҕим,
160