Page 161 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 161
Аллараанан бардаҕына, албаан ыламмын,
Атыыр алдьархайга умса охсуоҕум.
Мөккүөр бөҕө мөҥүрээтин!
Мөккүөр бөҕө төрөөтүн!!!
1-гы отчут
(үлүгүнэйэр).
Олорбуппут оччо,
Омурҕаммыт буолла.
Оруос Баай оттооботоххут диэҕэ,
Оруос Баай оройбутун охсуоҕа.
Чэйиҥ-чэйиҥ, туран барыаҕыҥ!
Чэйиҥ-чэйиҥ, баран оттуоҕуҥ!
2-с отчут
(түһээн)
Көхсүм эрэйдээх күүгэннийиэр дылы,
Күүгэннийэ-күүгэннийэ, күрдүргүөр дылы,
Иирбит-итирбит курдук,
Итийэн-кутуйан туран,
Сир аппатын-дьаппатын билбэккэ,
Силис-мутук диэн иҥнибэккэ,
Тэлэн-тэллэйдээн иһэрбэр
Тэҥнээх бэрди көрбөтүм…
Кыһыл Ойуун
(соҕуруу диэки чарапчыланан көрө-көрө).
Орто туруу аан ийэ дойдубун
Одуулаан көрөн турдахпына,
Уу испит сылгы курдук,
Уһуутуу-уһуутуу, хаанынан ытаан,
Хагдарыйа кууран, хараара умайан,
Хааннаах хара буруо ортотугар
Төхтөлө суох төгүрүйэ көтөн,
Төлөнө күндээрэн, умайан эрэр.
(тохтуу-тохтуу)
Кэнэҕэски кэскил кэлэн истэҕэ,
Кэлэр кэмин иэччэҕэ эргийдэҕэ…
Олорор.
161