Page 164 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 164
Чачыгырыыр таас таҥалайгын
Чаллырҕас хара хаанынан сотуохпун —
Чаҥыргыы-чачыргыы тардый!
Чучугуруур туус тумускун
Чуллурҕас субай хаанынан сотуохпун —
Чучугуруу-чачыгырыы тардый!
(Эмэгэтэ, даллаҥнаан баран, чаҥыргыыр.)
Салбанар эмэгэтим сайдаата,
Сараһын кынатым сараадыйда,
Адырҕаннаах аартыгы арыйар
Аанай туомуйум буолла…
(Уотугар чороонноох кымыһын кута-кута, алгыыр.)
Алаһа дьиэм алын киинэ,
Аал уотум иччитэ,
Хара буруом харалдьыта,
Хатан Тэмиэрийэ оҕонньор!
Сиэн-аһаан сирдьигинээ,
Сирилий-бурулуй,
Лачыр-бачыр өрө кытыастан,
Лачыр-бачыр умса буруйан,
Кыымнаах кытыас миҥэҕэр
Кытарар уот кынаттарбын
Кырыыстаах сатанан кыйыылаа,
Орто дойдуттан уларыйар
Оһоллоох одун олохпун
Охсор холорук кынаттаа,
Доом-эрэ-доом!!!
Дүҥүрүн охсо-охсо, уотугар сүгүрүйэр, оһохтоох уоттан Б ы р д ь а б ы т ы к
Х а т а н Т э м и э р и й э оҕонньор, быһаҕаһыгар дылы былтайан тахсан,
Кыһыл Ойууну күөх төлөнүнэн саба ибиирэр.
Алаһа дьиэбинэн,
Аал уоппунан,
Аан ийэ дойдум
Айыытынан-кырыыһынан
Мөккүөр бөҕөбүн мөҥүрэттим,
Мөккүөр бөҕөбүн төрөттүм.
Көтөр ыллыгым көмүлүннүн,
Көһүүн харахтаах көрбөтүн,
Татаар тыллаах таайбатын,
Табыр атахтаах таарыйбатын…
(дүҥүрүн охсо-охсо)
164